Өлүөхүмэ-Чаара хаптал хайалаах сир

Өлүөхүмэ-Чаара хаптал хайалаах сирэ. Өлүөхүмэ уонна Чаара өрүстэр икки ардыларынан сытар хаптал хайалаах сир.

Соҕуруу өртүттэн Хадаар уонна Удокаан систэр өйүүллэр.

Хайа боруодата хоту өртүгэр известняктар, соҕуруу өртүгэр сланецтар уонна гранит интрузиялара (магматтан быһа охсон сир сирэйигэр тахсыыта).

Муһуруу период суоллара бааллар. Ордук үрдүк хайата - Мурун (1402 м.)

Эниэлэрэ тиит мастаах ойуурдар, чыпчаалларга болбукта уонна хайа туундарата.

Тимир руда үөскээбит сирэ. Мурун хайа энилэригэр - чароит.


Ылыллыбыт сирэ уларыт

Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.