ADSL (АДСЛ), (ааҥл. Asymmetric Digital Subscriber Line, ол эбэтэр Ассиметричнай цифровой сибээс линия), диэн АТСтан тахсар икки кабель, сүрүннээн телефон линията буолар. АДСЛ көмөтүнэн биир линияҕа телефон, интернет, факс, телевидения бары биир проводкаҕа баталлар, ону сплиттер диэн микросхемалаах тэрил уларытар (сплиттергэ Wi-Fi роутер, маршрутизатор, коммутатор, телевизор, телефон холбонор).

Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар саамай улахан АДСЛ линияны Verizon уонна AT&T, Европа дойдуларыгар T-Mobile, France Telecom, Арассыыйаҕа Ростелеком (Rostelecom), Саха Сиригэр Сахателеком.