Amazon Fulfillment (Амазон Фулфилмент) - АХШ тэрилтэтэ, Аан Дойдуга саамай бөдөҥ табаардары таһар уонна аадырыска тириэрдэр тэрилтэ, 2023 сыллаахха күннээҕи эргиирэ 975 мөллүйүөн доллар уонна 1 мөллүйүөн көрүҥ табаар буолбута, ити аата абсолүтнай рекорд.

Амазон Фулфилмент складтара Кытайга, Америкаҕа, Улуу Британияҕа, Францияҕа, Индияҕа, Испанияҕа, Монголияҕа бааллар. Арассыыйаҕа тутуллуохтаах былаана сэриинэн тохтообута уонна сабыллыбыта.

Амазон Фулфилмент тэрилтэ Amazon конгломератка киирэр уонна автономна үлэлиир, ол эрэн элбэх бырайыакка ийэ тэрилтэтин кытта бииргэ үлэлииллэр.

Официал саайта: https://sell.amazon.com/