Абыраам итэҕэллэрэ диэн Абыраам дьэбэриэй аҕа баһылыгын Таҥаратын билинэр итэҕэллэр, ол эбэтэр иудаизм, христианизм, ислам. Бу итэҕэллэр ытык суруйуулара (Тора, Биибилийэ, Коран) маны бигэргэтэллэр. Ыһыраайыл уон икки бииһэ Абыраамтан кини уолун Ысхаак уонна сиэнин Дьаакып нөҥүө төрүттээхтэр. Бу биистэр Ханаан сиригэр кэлэннэр дьэбэриэй омук үөскээбитэ.

Абыраам итэҕэллэрин симболлара: христиан кириэһэ, ислам быһаҕас ыйа, иудей сулуһа