Ханаан (ивр. כְּנַעַן‎) диэн былыргы Орто Илиҥҥэ баар семит тыллаах омуктар олорбут сирдэрэ. Ханаан Чаҥ үйэ бүтэһигэр улахан геополитика суолталаах этэ. Былыргы Египет, Хиттит, Митанни, Ассирия империяларын сабыдыалларыгар киирэрэ. Биибилийэ кэмнэриттэн саҕалаан "Мэктиэлээх Сир" диэн аатырар. Ханааҥҥа сыһыаннаах археология хаһааһынын түөлбэлэрэ - Тель Хазор, Тель Мегиддо, Эн Эсур, Гезер. Ханаан сиригэр бүгүн Левант дойдулара бааллар - Сирия, Либан, Ыһыраайыл, Иордания.

Ханаан хаартата Чаҥ үйэ бүтэһигэр