Аввакумов Еремей Кузьмич

Аввакумов Еремей Кузьмич, (1934 с., балаҕан ыйын 10 күнэ, Элгээйи нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа2012 с.) РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ултууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар оройуонун, Элгээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Олоҕун олуктара уларыт

Сунтаар оройуонун Элгээйи нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Орто оскуола кэнниттэн Бүлүү педагогическай училищетын бүтэрэн, учуутал идэтин ылбыта. 1956 сылтан баай ис хоһоонноох үлэтин биографията саҕаламмыта. Комсомол, партия органнарыгар өр сылларга эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбитэ. Эмиэ бэрт уһун кэмҥэ Элгээйи орто оскуолатыгар үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ-иитиигэ үгүс сыратын, сатабылын биэрэн үлэлээбитэ.

1987-1989 сс. Элгээйи нэһилиэгин Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлэ, сэттэ ыҥырыыга нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатынан быыбардаммыта.

1989 с. төрөөбүт төрүт түөлбэтин бүгүҥҥү уонна үүнэр көлүөнэ ыччаттарыгар анаан «Туойдаах алаас» диэн ааттаах историческай-краеведческай Түмэли уһун сылларга эриһэн тэрийбитэ. Манна Элгээйи нэһилиэгэ эрэ буолбакка, оройуон хотугулуу-илиҥҥи нэһилиэктэрин уруккулара уонна билиҥҥилэрэ киэҥник сырдатыллар, ураты баай ис хоһоонноох матырыйааллар түмүллэн тураллар. Элгээйи нэһилиэгин уруккутун, билиҥҥитин, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларынааҕы олох туһунан хас да дьоһуннаах кинигэлэр ааптардара.[1]

Наҕараадалара, ытык ааттара уларыт

- РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна

- Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ

- Сунтаар оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо

- Элгээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо[1]

Кини туһунан уларыт

- Аввакумов Еремей Кузьмич (1934 г.р.) -  , // Краеведы Якутии. - 2007. - С. 167-168

- Аввакумов Еремей Кузьмич. [о педагоге-краеведе, Эльгяйский наслег (Сунтарский улус)] - : , //Энциклопедия культуры и искусства Якутии. . - 2011. - Кн. 1-С. 5

Быһаарыылар уларыт

  1. 1,0 1,1 Кыайыыны, эйэлээх олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно / хомуйан оҥордо Н.Н. Спиридонов; редколлегия: Т.Н. Иванова уо.д.а. – Дьокуускай: Чопчу, 2020.

Сигэлэр уларыт