Бирдже́ Акала́й (тур. Birce Akalay; 1984 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтэ, Турция, Стамбул) — турок омугун биллиилээх артыыһа уонна сыанаттан түспэт, биир саамай элбэх хамнастаах модель. 2004 сыллаахха ыытыллыбыт Мисс Турция - 2004 куонкуруска 3 миэстэ буолбута.

Биографията уларыт

Бирдже Акалай 1984 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр Стамбул куоракка Ясемин уонна Серджана Акалай дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэрэ суох, кини соҕотох оҕо. Бирдже үс сааһыттан балетынан утумнаахтык дьарыктанан саҕалаабыта. Онно анаан балек куруһуогар сылдьара. 2004 сыллаахха Бирдже Стамбуллааҕы тыйаатыр университетыгар драма ускуустубатын уонна тыйаатыр кириитикэтин факультетыгар туттарсан үөрэххэ киирбитэ. Ол үөрэнэр сылларыгар 2004 сыллаахха Бирдже «Мисс Турция» куонкуруска 3 миэстэ буолары ситиспитэ. 2004 сылтан 2007 сыллаахха диэри кыыс тэлэбиидэнньэҕэ эфир ыытаачытынан үлэлээбитэ. Онтон 2006 сыллаахха «Судьба» диэн элбэх сиэрийэлээх киинэҕэ аан бастакы оруолун ылбыта. Ол гынан баран кини "Между небом и землёй» диэн элбэх сиэрийэлээх киинэҕэ Хавва оруолун оонньоон дьэ дьиҥнээхтик аатырбыта, бар дьон, норуот сэҥээриитин уонна тапталын ылбыта.

Тус олоҕо уларыт

2001 сыллаахха ыам ыйын 17 күнүгэр Бирдже Мурат Юналмыш диэн киинэ артыыһыгар ойох тахсыбыта, кинилэр иккиэн «Между небом и землёй» диэн киинэ сэрийээлигэр бииргэ оонньообуттара. Ол гынан баран ыаллыылар 2012 сыллаахха сэтинньигэ арахсыбыттара. 2014 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр Бирдже иккиһин Сарп Левендоглу диэн артыыска эргэ тахсыбыта. Ол гынан баран, ыаллар бииргэ буолар олохторо уһаабатаҕа. 2017 сыллаахха тохсунньу ыйга арахсыбыттара. Бирдже ханнык даҕаны олоҕор оҕоломмотоҕо, биирдэ да төрөөбөтөҕө.

Сигэлэр уларыт

https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D0%BA%D0%B0%D0%BB%D0%B0%D0%B9,_%D0%91%D0%B8%D1%80%D0%B4%D0%B6%D0%B5

https://www.kinopoisk.ru/name/1595329/