Бартер диэн харчыны туттубакка биир киһиттэн атын киһиэхэ эргиэни оҥоруу. .[1] Харчы туттуллубатар даҕаны атастаһыллар маллар биир сыаналаах буолара наадалаах.

Бартер икки киһи бэйэ-бэйэлэригэр наадалаах мал эбэтэр өҥө баар буоллаҕына табыгастаах. Холобур, грузчик туохха эмит көмөлөһөр, ол оннугар сакылаат ылар.

Бартер проблемата диэн биир өттүгэр наадалаах мал эбэтэр өҥө суох буоллаҕына эргиэн табыллыбат. Холобур, Вася бачыынкаҕа наадыйар, Мишаҕа ол бачыынкалар бааллар. Ол гынан баран Васяҕа куурусса сымыыта баар, онтон Миша үүтү ылыан наада. Ол иһин харчы наада буолар. Вася ол бачыынканы харчынан атыыластаҕына Миша маҕаһыыҥҥа баран үүтү ылыан сөп.

References уларыт

  1. Barter. Merriam-Webster Dictionary. Тургутулунна 1 Бэс ыйын 2007.