Араабтар ( عرب‎, ʿarab , Arab people , Арааб дьонноро), Аан Дойду 3 улахан ахсааннаах омуга (Кытайдар - 1.5 млрд уонна Хинди - 768 млн) уонна уопсайа 34 судаарыстыба 60% нэһилиэнньэтин ылаллар, 17 дойду сүрүн уонна төрүт омуга буолар.

Араабтар - Арааб тыла саҥараллар, ону таһынан Француз уонна английскай тылы билэллэр үксэ. Араабтар уопсай ахсааннара 350 мөллүйүөн курдук, үксэ Арааб дойдуларыгар (30 тахса дойду) олороллор, ону таһынан Францияҕа, Америкаҕа, Аустралиаҕа, Италияҕа, Испанияҕа, Англияҕа, Германияҕа, Канаадаҕа, Дьоппуон, Кэриэйэ дойдуларга ынырык элбэх арааб эмиграннара олороллор. Арассыыйаҕа арааб диаспората эмиэ улаатан эрэр. Саха Сиригэр 2300 арааб олорор эбит.