Аргон диэн биир химия ууһуга. Химия бэлиэтэ Ar, атом нүөмэрэ 18. Мааны гаастар бөлөхтөрүгэр киирэр. Сыта уонна амтана суох гаас. Сир атмосфератыгар үһүс дэлэй гаас. Джон Уиллиамс Стретт уонна Уиллиам Рэмзи 1894 сыллаахха аргону аан бастаан салгынтан араарбыттара.

Аргон эһэр түтүккэ сырдааһына

Аргон Сиргэ баар сүрүн изотоптара: 40Ar (99.6%), 36Ar (0.34%) уонна 38Ar (0.06%). Атын планеталарга аргон атын изотоптара бааллара биллэр.