Австриялар (ниэм. Österreicher) — Киин Европаҕа олорор, Австрия дойдутун сүрүн олохтоохторо. Австрияттан ураты атын омук дойдуларыгар эмиэ олохсуйан олороллор. Тыллара - ньиэмэс тылын австриялыы барыйаана, баваар уонна алеманн диалектара. Ахсааннара — 7,5 мөл киһи (2005). 61,5 % итэҕэллээхтэр — католиктар, 10 % — атын христианнар, 28,5 % — атын итэҕэллээхтэр уонна атеистар.

Йозеф Хайдн, Франц Йозеф I, Йоhанн Страус II, Зигмунд Фрейд, Берта вон Сутнер, Эрвин Шрёдингер, Адольф Хитлер, Курт Шушниг, Арнолд Шварценегер.

Бэйэлэрин остеррайхер (ниэм. Österreich — Австрия, ол аата — «Илиҥҥи дойду») дииллэр.