Кучу сэбирдэҕиттэн битэмииннээх чэй оҥоруохха сөп. Сэбирдэҕин аһаҕас күн уотугар сытыара түһэн баран бөлүөҕүнэн сүмэтэ ыгыллан тахсыар диэри хатайданар. Ол кэнниттэн сииктээх сөрүүн сиргэ чаас курдук ууруллар.