Николай Босиков
(Мантан: Босиков Николай Афанасьевич көстө)
Босиков Николай Афанасьевич (18.12.1931—2008) — поэт, сэһэнньит.
Олоҕун олуктараПравить
- 1931 сыллаахха ахсынньы 18 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Тэбик нэһилиэгэр төрөөбүт.
- 1959 с. — Саха государственнай университетын бүтэрбит.
- 1963 с. — ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Үлэлээбит сирдэрэПравить
- «Кыым» хаһыат;
- «Эдэр коммунист» хаһыат.
- 2008 сыллаахха ыалдьан күн сириттэн барбыт.
Айар үлэтэПравить
1955 сылтан ыла бэчээттэнэр. «Күөх киистэлэр» диэн хоһооннорун маҥнайгы хомуурунньуга 1959 сыллаахха тахсыбыт.
Суруйааччы хоһоонноро уонна сэһэннэрэ нууччалыы тылбаастанан Москваҕа уонна Дьокуускайга туспа кинигэлэринэн уонна «Северные зори», «Земля олонхо» хомуурунньуктарга уонна «Полярная звезда» сурунаалга бэчээттэммиттэр.
Наҕараадалара уонна ытык ааттараПравить
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ
БиблиографияПравить
- Алаас тыыннаах ахтылҕана: Хоhооннор, поэма. — Якутскай: Полиграфист, 1998. — 145 с.
- Дүпсүн сирэ: [Поэмалар]. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1998. — 119 с.
- «Кэрэ көтөр» ыалдьыттара: Сэhэн. — Якутскай: КИФ "Ситим", 1994. — 39 с.
- Муостаах буур: Сэhэннэр. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1994. — 167 с.
- Кыhын ахтылҕана. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1991. — 128 с.
- Тыа: Сэhэннэр. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1989. — 144 с.
- Үс сурук: Сэhэннэр. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1985. — 192 с.
- Турдарбын — халлааҥҥа тиийиэм...: Роман: 3 кинигэлээх. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1984—1986.
- 1 кинигэтэ. — 1984. — 184 с.
- 2, 3 кинигэлэрэ. — 1986. — 304 с.
- Мин саҥа күнүм: Хоhооннор, поэмалар. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1981. — 238 с.
- Кэмнэммэтэх биэрэстэлэр: Сэhэннэр. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1979. — 184 с.
- Сири симээ: (Хоhооннор, поэма). — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1977. — 96 с.
- Биhиги ньургуhуммут: Сэhэннэр. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1974. — 160 с.
- Дойдубар сурук: Хоhоонор. Поэма. – Якутскай: Кинигэ кыһата, 1969. — 72 с.
- Айан чуорааннара. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1961. — 51 с.
- Күөх киистэлэр: Хоhоонноро, поэма. — Якутскай: Кинигэ кыһата, 1959. — 64 с.
- Дьадаҥы дьон ийэлэрэ: сэһэ. — Дьокуускай: Бичик, 2011. — 160 с.
СигэлэрПравить
- Якутский государственный литературный Музей имени П. А. Ойунского: Николай Босиков
- Национальная библиотека Республики Саха (Якутия): 70 лет со дня рождения Н. А. Босикова
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |