Уус-Алдан улууһа
Усть-Алданский улус
Гиэрбэтэ
Былааҕа
Дойду  Арассыыйа Арассыыйа
Регион  Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
Улуус киинэ  Бороҕон
Иһигэр киирэллэр  21 олохтоох тэриллии
Улуус баһылыга  Аммосов Василий Иванович
Олохтоммут күнэ-дьыла  1930, тохсунньу 9
Иэнэ  18,3 тыһ. км²
Климата  тосту-конт
Олохтоох дьонун ахсаана
 • Чиҥэ
 • Омуктара
 • Конфессиялар
 23 тыһ. киһи
 1,23 киһ./км²
 саха
 Айыы үөрэ5э
Олохтоохторун аата  уус-алданнар
Уус-Алдан улууһа Саха Сирин каартатыгар
Официальнай ситим-сир

Уус-АлданСаха Сирин киин өттүгэр тайаан сытар улуус. Билиҥҥи көрүҥүнэн 1930 сыл тохсунньу 9 күнүгэр тэриллибитэ.

Киинэ — Бороҕон (7 тыһ. тахса киһи). Нэһилиэнньэлээх пууннара — 35, нэһилиэктэрэ — 22. Нэһилиэнньэтэ 2002 сыллаахха — 23 тыһ. тахса. Нэһилиэнньэ сир иэнигэр тиксиитэ — 1,23 киһ./км². Нэһилиэнньэ баһыйар үгүс өттө (2002 с.) — сахалар (98 %).

Улуус сирин-уотун иэнэ көнө хаптал сир. Улуус улахан өртө Саха киин хаптал сиринэн тайыыр. Тохсунньу орто температурата — -42 °C, от ыйыгар - +17…+18 °С. Сөҥүү түһүүтэ сылга 200–250 мм. Улууһу таарыйар улахан өрүстэр — Өлүөнэ, Алдан. Элбэх күөллэрдээх, олортон ордук улаханнара — Мүрү, Өнөр, Таргылдьыма.

Улууска бороҥ чох, тутуу матырыйаала буолар хостонор баай саппааһа булуллубута.

Уус-Алдан улууһа саха уустарын икки ордук бөдөҥ холбоһуктарыттан (Хаҥаластары тэҥэ) биирдэстэрэ — Бороҕон ууһун сирдэрин ылар. «Бороҕон» диэн ааты түүрдүү-моҥуоллуу уустар улуу иллэрин терүттээччи Чыҥыс Хаан тахсыбыт бордьигин ууһун аатыттан сэдиптииллэр. Уйбаан Белолюбскай уонна Майаҕатта Бэрт Хара төрөөбүт улуустара.

Демография уларыт

 
Биэрэпис ыытыллыбыт сыллырга уонна 2007 сылга нэһилиэнньэ ахсаана

Администрацияларынан араарыы уларыт

 Мүрү нэһилиэгэСуотту нэһилиэгэЛөгөй нэһилиэгэДүпсүн нэһилиэгэКурбуһах нэһилиэгэНайахы нэһилиэгэӨлтөх нэһилиэгэБороҕон нэһилиэгэБэрт-Уус нэһилиэгэБайаҕантай нэһилиэгэБастакы Хоро нэһилиэгэӨнөр нэһилиэгэБаатаҕай нэһилиэгэИккис Лөгөй нэһилиэгэТүүлээх нэһилиэгэХоро нэһилиэгэБастакы Өспөх нэһилиэгэЧэриктэй нэһилиэгэӨспөх нэһилиэгэТиит Арыы нэһилиэгэБээрийэ нэһилиэгэТаатта улууһаЧурапчы улууһаМэҥэ-Хаҥалас улууһаНам улууһаКэбээйи улууһаТомпо улууһа
# Нэһилиэктэр Кииннэрэ Кыра

бөһүөлэктэр

Улуус

кииниттэн,

км

Почта

индекса

Нэһилиэнньэ

ахсаана

(2007 сыл)

1 Мүрү Бороҕон, улуус киинэ Мындааба, Томтор 0 7353
2 Суотту Оҕуруоттаах Саһылыкаан, Хоноҕор 72 2010
3 Лөгөй Кэптэни Хомустаах, Даалы 36 1590
4 Дүпсүн Дүпсүн Бээди, Остуойка 56 1376
5 Курбуһах Уус Күөлэ Окоёмовка, Балаҕаннаах 73 1210
6 Найахы Балыктаах 73 1018
7 Өлтөх Бэйдиҥэ Арыылаах 51 1002
8 Бороҕон Тумул Арыы Тиит, Элэһин 57 1000
9 Бэрт-Уус Сыырдаах Чирэпчи 28 908
10 Байаҕантай Танда 48 781
11 Бастакы Хоро Чараҥ 4 696
12 Өнөр Эһэлээх 35 613
13 Баатаҕай Хомустаах 65 607
14 Иккис Лөгөй Тулуна 17 572
15 Түүлээх Кылаайы 132 567
16 Хоро Майаҕас 6 533
17 Бастакы Өспөх Уһун Күөл 45 510
18 Чэриктэй Чэриктэй 91 464
19 Өспөх Дыгдал 110 350
20 Тиит Арыы Тиит Арыы 60 308
21 Бээрийэ Бээрийэ 77 301
Барыта 23423

Үөрэҕирии уларыт

Уус-Алдан улууһуттан төрүттээх биллиилээх дьон уларыт

  Стрекаловскай Михаил Михайлович (1914—29.07.1989) — Арассыыйа Федерациятын Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Босиков Николай Афанасьевич (18.12.1931—2008) — поэт, сэһэнньит.
 Лонгинов Владимир Дионисьевич (02.09.1919- 1943) — Советскай Союз Геройа, Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа.
Егоров Гаврил Васильевич-Бартыһаан Дьөгүөрэп — гражданскай сэрии дьоруойа.
Окоемов Николай Николаевич - государственнай, политическай диэйэтэл.
Тарскай Николай Николаевич - спорт эйгэтигэр республика биллиилээх тэрийээччитэ, салайааччыта.
 Иван Васильевич Мигалкин - саха народнай поэта.