Васильев Роман Гаврильевич

Васильев Роман Гаврильевич (09.10.1913—03.05.1991) — 1953—1956 сыллардаахха Саха АССР Совминын бэрэссэдээтэлэ.

Васильев Роман Гаврильевич

Олоҕун олуктара уларыт

  • 1913 сыл алтынньы 9 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • ВКП(б) КК иһинээҕи Үрдүкү Партия оскуолатын бүтэрбитэ.
  • 1930 сылга — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыба артыалларын бэрэссэдээтэлэ;
  • 1930—1932 сс. — ЫБСЛКС Мэҥэ-Хаҥалас райкомын иһинэн оҕо коммунист тэрилтэтин бюротун бэрэссэдээтэлэ;
  • 1932—1935 сс. — ЫБСЛКС Саха обкомын оҕо коммунист тэрилтэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта;
  • 1935—1937 сс. — ЫБСЛКС Саха обкомын политүөрэх секторын сэбиэдиссэйэ;
  • 1938 сылга — ЫБСЛКС Дьокуускайдааҕы горкомын бастакы сэкрэтээрэ;
  • 1939—1940 сс. — «Кыым» хаһыат редакциятын партия пропагандатын отделын сэбиэдиссэйэ;
  • 1941—1943 сс. — ВКП(б) Өймөкөөн райкомын бастакы сэкрэтээрэ;
  • 1943—1944 сс. — ВКП(б) Саха обкомын кадр отделын секторын сэбиэдиссэйэ;
  • 1944—1948 сс. — ВКП(б) Дьокуускайдааҕы горкомын үһүс сэкрэтээрэ;
  • 1951—1953 сс. — ССКП Дьокуускайдааҕы горкомын бастакы сэкрэтээрэ;
  • 1953 кулун тутар1956 муус устар — Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ;
  • 1956—1958 сс. — Мэҥэ-Хаҥаласка МТС директора;
  • 1958—1963 сс. — Саха АССР Олохтоох промышленноһын министра;
  • 1963—1965 сс. — Саха АССР Заречнай оройуон исполкомын бэрэссэдээтэлэ;
  • 1965—1974 сс. — Мэҥэ-Хаҥалас исполкомын бэрэссэдээтэлэ.
  • 1991 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр өлбүтэ.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара уларыт

  • «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан
  • «Бочуот Знага» уордьан
  • Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо[1] (1985)
  • Өймөкөөн улууһун Ытык олохтооҕо
  • Алдан улууһун Ытык олохтооҕо

Быһаарыылар уларыт

Ылыллыбыт сирэ уларыт

Саха Республикатын ил былаас официал сайта