Винисиус уонна Том (португалиялыы Vinícius e Tom) — 2016 сылга Бразилия Рио-де-Жанейро куоракка ыытыллыбыт Олимпия сайыҥҥы XXXI оонньууларын бигэргэтиллибит ымыылара.

Билэ:Aros olímpicos em Copacabana 02 retusche.jpg
Винисус

Ымыылар Бразилия көтөрүн-сүүрэрин, айылҕатын сирэйдээн көрдөрөр аналлаахтар. Бразилиятааҕы көтөр-сүүрэр уобараһа (Винисиус) - саһархай өҥнөөх, куоскаҕа ханыылыы быһыылаах, кыылга майгынныыр. Айылҕаны түмэн көрдөрөр уобарас (Том) халлаан күөх уонна от күөх өҥү дьүөрэлэһиннэрэр, мас да, чэчик да майгытын үтүгүннэрибит үүнээйи быһыытынан бэриллибит.

Ымыылар Бразилия аатырбыт музыканнара Винисиус ди Морайс уонна Том Жобим ааттарынан ааттаммыттар[1].

Ымыылар Бразиялияҕа 1 реал манньыатыгар ойууламмыттара биллэр[2][3].

  1.  Талисманы Олимпиады и Паралимпиады в Рио получили имена Винисиус и Том, РИА Новости (15 декабря 2014).
  2.  Moeda de 1 real comemorativa — Vinicius — Mascote dos Jogos Olímpicos Rio 2016 Архыыптаммыт 2016, От ыйын 6 күнүгэр. (порт.). Banco Central do Brasil e Casa da Moeda do Brasil.
  3.  Moeda de 1 real comemorativa — Tom — Mascote dos Jogos Paralímpicos Rio 2016 Архыыптаммыт 2016, От ыйын 6 күнүгэр. (порт.). Banco Central do Brasil e Casa da Moeda do Brasil.