XVII уйэгэ Дьокуускай остуруогуттан ыытыллыбыт нуучча сэрииһиттэрэ сэдэх киһилээх Сибиир сириттэн Амур сүнньүгэр тиийэн сайдыылаах омуктары көрсүбүттэрэ. Манна даурдар уонна дючердар диэн олохтоох омуктар мас дьиэлэргэ олороллоро уонна сир оҥоһуутунан дьарыктаналлара. Арбуз, груша, яблоко, ньэчимиэн, дыня үүннэрэллэрэ уонна дьиэ кыылын арааһын иитэллэрэ (сибиинньэ, ынах, сылгы, куурусса, бараан). Ол үлүгэрдээх элбэх ахсааннаах уонна сайдыылаах омуктар ханна баран хаалбыттарай диэн ыйытыы үөскүөн эрэ сөп? Амур норуоттара XVII үйэҕэ икки уот икки ардыгар түбэспиттэрэ. Маньчжурия бары уруулуу биистэрин холбоон, Кытайга, Кореяҕа уонна Монголияҕа саба түспүт маньчжурдар Цинь династиялара уруулуу Амур биистэрин эмиэ бэйэтигэр бас бэриннэрэн, сэриитигэр холбуу сатыыра, дьаһаах төлөтөрө. Ол курдук 1630 сылларга маньчжурдар Амурга олохтоох биистэри утары хас да экспедицияны ыыппыттара биллэр. Онно олохтоох сахарча уонна сахалянь биистэрэ күүстээх утарсыы кэнниттэн уотунан эстэр саалаах уонна тэргэннээх маньжурдар сэриилэригэр тулуспакка бастарын бэринэргэ күһэллибиттэрэ. Бу биистэр ааттарын сахалары кытта сибээстии сатааһыны уонна Амурга эмиэ сахалар олорбуттар диэн санааны көрсүөххэ сөп. Ол эрээри наука этэринэн, бу аатынан биллибит Амур олохтоохторо даурдар уонна Амур тоҥустара солоннар этилэр. Аны бу кэмҥэ Өлүөнэ өрүс диэкиттэн нуучча омук сэрииһиттэрэ Поярков уонна Хабаров баһылыктаах кэлэн Амур норуоттарын дьаһаах төлөтө сатаан ыгаллар-түүрэллэр. Дьаһаах биэрбэт буоллахтарына, аҥаар кырыытыттан кырган иһин диэн бирикээһи толорон олохтоохтору туох да харысхала суох кыргаллар. Мантан ыксаан уонна маньчжурдар даурдары аймахтыы хорсун буойуттарын иһин, Маньчжурияҕа көһөрөн ылбыттара, бэйэлэрин аармыйаларыгар туспа былааҕынан (знамянан) холбообуттара. Билигин даурдар урукку Маньчжурияҕа барытыгар, ол аата Хэйлунцзянь провинцияҕа тарҕанан олороллор. 1750 сылга даурдары уонна солоннору (тоҥустары) Синьцзянна (Уйгурияҕа) көһөрбүттэрэ. Онно кыраныысса харабыла буолбуттара. Бэйэлэрин тылларын эдэр өттө төрүт умнубут, кытай (хань) тыллаахтар. Ол эрээри урукку курдук сахалары кытары доҕордуу сыһыан олохтоноро буоллар, арааһа үөрүөх этилэр. Бу сахалянь уонна сахарча диэннэр Амур былыргы «Хара Өрүс» диэн аатыттан тахсаллар эбит. Удэгэецтар уонна да атын Амур төрүт олохтоохторо билиннэ диэри Амуры Сахалянь-ула (Хара өрүс) диэн ааттыыллара биллэр. Онон бу ааттар Амур олохтоохторо диэн суолталаахтар эбит. Онтон Сахалин арыытын аата эмиэ бу Амур урукку аатыгар сыһыаннаах. Франция иезиуттарын 1712 с. карталарыгар маньчжурдар «Хара өрүс (Амур) төрдүгэр баар таастар» диэн тылларыттан нуучча тылыгар киирбит аат буолар. Маньчжур тылыгар саха диэн «булт», сахалянь диэн «хоту», «хара» диэн суолталаах эбит. Нуучча хасаахтара Витим өрүскэ балаҕан дьиэлээх уонна сири онорор даурдары көрсүбүттэрэ биллэр. Кэлин даурдар манна олорботторо, сүөһү иитэр тонустар бааллара биллэр. Аны туран аҕыйах даур омук киһитэ Өлүөнэҕэ куотан, сахалар ортолоругар олохсуйбута биллэр. Сахалар, холобур Ногой диэн Боотулу кинээһэ Амурга даурдарга куоппута эмиэ биллэр. Өссө сахалар даурдары үтүктэн, нуучча администрацията наһаа атаҕастаатаҕына Богдойго (маньчжур императорыгар) бүүс бүттүүн көһөн күрүөхпүт диэн куттууллара биллэр. Онон хайа да өттүнэн көрдөххө даурдар сахаларга доҕордуу норуот буолар эбит. Даурдар дьиҥнээх ааттара дагурдар диэн эбит. Онон Г.В.Ксенофонтов саха тылыгар туттуллар доҕор диэн тылы дагурдары кытары сибээстээбитэ олус оруннаах буолан тахсар. Дагурдары киданнар Дахэ диэн баһылыыр биистэрин аатын кытары сибээстииллэр. Бэйэлэрин тылларыгар сири онорооччулар диэн суолталаах диэн эмиэ быһаараллар. Соҕуруу Кытай сириттэн монгол саҕана Чингисхантан куотан кэлбиттэрэ диэн буолар. Бурят летопиһыгар сурулларынан, солоннор (тоҥустар), монголлар уонна чжурчжэннэр уустара бу былдьаһыктаах кэмнэргэ хоту диэки хамсааһыннара буола сылдьыбыт эбит.