Алын тутул (инфраструктура) диэн тутумтаны үлэлэтэр ситимнээх тутуллар уонна барымталар хомуурдарын бүтүн аата. Алын тутул дойду, хото, түөлбэ экономиката, тэрилтэлэрэ, дьиэ кэргэттэрэ бэйэ бэйэлэрин кытта дьайсыыларыгар, эргиэн-өҥө үлэтигэр, олох кэрэхтэрин хааччыйааһыҥҥа тутаах суолталаах. Алын тутул барымталара түмэт уонна кэтэх бас билиилээх буолаллар. Алын тутул сорох барымталара - суол, тимир суол, күргэ, туннель, уулааһын, канализация, чаҕыл ситим, телекоммуникация.