Харах ыарыылара уларыт

Катаракта уларыт

Маннык ыалдьар дьон характара харанарар.(затемнение).Саха эмчиттэрэ катрактаны сир комуьэ оргуйбут уутунан, эhэ уоhунэн эмтиир этилэр.

Харак эргэрэн ыалдьыыта. уларыт

Бу уксун туох эрэ оhолтон уоскуур. Харах урунун оhоллонуута харахха урун буруолэр уоскэhиннэригэр тириэрдэр. Итинниги эргэлээх харахтаах киhи дииллэр. Билигин маны уксун операциялаан эмтииллэр.

Глаукома. уларыт

Бу сурдээх куустээхтик киирэр ыарыы.Ыарыhахтар харах иhинээ5и хааннарын баттааhннара олус урдуур, тоболоро, харахтара ыалдьар, мэйиилэрэ эргийэр, хотуолууллар. Ыалдьыбыт дьон былыр уксун хара5а суох буолаллара.

Саха норуотун медицината глаукоманы эмтииргэ миэ ал5аан-силээн, ус туhумэхтээх алгыстары онорон эмтиирэ, ойууннааhын кууhун да туттара. Оттортон, уунээйилэртэнхарас, ытырыык от, биэс тымырдаах от, куох сибэккилээх от, манчаары силиhэ уо.д.а тутталлара.

Харана5а корбот буолуу. уларыт

Сорох дьон харана тустэ да, ону-маны кыайан корботтор. Билигин наука бу ыарыыны торуотун А витамин тиийбэт буолуута диир.

Сахалыы эмтээhин А витамин ыных арыытыгар, сылгы быарыгар, балык искэ5эр, суогэйгэ, сымыыкка, моонньо5онно, эмис балык этигэр лбэх диэн субэлиир.

Харах уута сууруутэ. уларыт

Харахха сыыс киириититтэн, итии ыстаныыттан (холобура , уу, арыы) киhи хара5ын уута суурэ сылдьыан соп.

Саха эмчиттэрэ маны эмтииргэ маннык оттору туттарга субэлииллэр:

  • Куох сибэккилээх от
  • Сир сыта от
  • Эhэ сиир ото уо.д.а

Киhи корорун тупсарарга, хара5ы эмтииргэ оссо маннык уунээйилэри, оттору туттар соптоох диэн субэлииллэрэ:

  • Эhэ сиир ото
  • Харас отоно
  • Сир сыта от
  • Ытырыык от
  • Манчаары силиhэ
  • Кыа от
  • Чэриини ууга уунэр саhархай сибэккини.

Сарсыардааны сииги хомуйан эмиэ эмтииллэр.