Кэтэх хаһаайыстыба — бэйэ туһаныытыгар эрэ туттарга анаан ыал иитэр сүөһүтэ, бородууксуйа ылар сирэ-уота. Колхуостар, сопхуостар эстибиттэрин кэннэ тыа сиригэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал ахсаана элбээбитэ. Российскай Федерацияҕа от ыйын 7 күнүгэр 2003 сыллаахха 112№-дээх «О личном подсобном хозяйстве» федеральнай сокуон ылыныллыбыта. (http://www.flexa.ru/law/zak/zak041.shtml)