Кэтэһии диэн күүтүү, манааһын, тулуурдаах буолуу ааттанар.

Кэтэһии — киһи олоҕун биир кэрдиис кэмэ. Киһи куруук тугу эмэ кэтэһэр. Кырата хаһан үлэ чааһа бүтэрин эбэтэр бээтиҥсэҕэ нэдиэлэ бүтүүтүн киһи үксэ кэтэһэр. Ыксаабакка, ыгылыйбакка эрэ холкутук кэтэһэргэ киһиэхэ улахан тулуур наада. Кэтэһии төһө да эрэйдээҕин киһи туох эмэ кэтэһэрдэннэҕинэ, күүтэрдэннэҕинэ олоҕун олороро сыаллаах, соруктаах буолара ордук туһалаах.

«Кэтэһэр эрэйдээх» дииллэр сахалар. Кэтэһии диэн эрэйи тулуйуу, ол аата эмиэ тулуурдаах буолуу үөрэҕэ.

Төрөппүт оҕото тулуурдаах буолуон баҕарарыттан кыра эрдэҕиттэн кыратык эмэ кэтэһэ, күүтэ үөрэнэрин ситиһэрэ ордук. Оҕо тугу эмэ көрдөөтөҕүнэ, ыла, була охсон биэрбэккэ, өссө кэтэһиннэрэн, толкуйдуу сатааһынын үөскэттэҕинэ эбэтэр бэйэтин кыаҕынан кыайарын ситистэҕинэ оҕотун өйө-санаата сайдыытыгар элбэх туһаны оҥорор.

«Кэтэс», «күүт» диэн оҕону кэтэһиннэрэ үөрэтии элбэхтик сыыһа-халты туттунарыттан көмүскүүр аналлаах үөрэх буолар. Киһи санаата олус түргэниттэн тугу эмэ оҥороору бэлэмнэнии кэнниттэн, кыратык да тохтуу түһүү санааны уларытыан, сыыһаны оҥороору гыммыты тохтотуон, көннөрүөн сөп. Аһара мэниктээбит оҕону тохтотон олордо түһүү, уоскутуу, муннукка туруоруу тулуурдаах буолуутун эмиэ улаатыннарар.

Оҕо улаатарын, улахан киһи буола охсорун олуһун кэтэһэр. Бу кэтэһэр санаатыттан улахан дьон оҥорор быһыыларын оҥоро сатааһыҥҥа дьулуһуута күүһүрэр. Оҕо кыайа-хото үтүктэр улахан киһи быһыытыттан табаах тардыыта буолар. Харандааһы эбэтэр тугу эмэ сигарета курдук тутан умата сатыыр оҕону табаахсыт төрөппүттэр бары билэллэр.

Оҕо улаатан иһэн хас биирдии кылааһы, оскуоланы хаһан бүтэрэрин, улаатарын олус кэтэһэр. Оҕо эрдэххэ күн да олус уһун, баранан быстыбат. Хаһан каникул кэлэрин, үөрэх сыла бүтэрин кэтэһии, кыһын кэнниттэн саас, сайын кэлэрин кэтэһэр курдук сыл аайы хатыланан иһэр.

Киһи куруук тугу эрэ кэтэһэрдээх, күүтэрдээх сырыттаҕына олоххо интэриэһэ улаатар. Бииртэн биири; аччыктаатахха хаһан аһыыры, сылайдахха утуйары кэтэһии кэлэн истэҕинэ табыллар. Оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн истэҕинэ аһыыр кэм хаһан кэлэрин ордук кэтэһэр, оҕону аһатыы улахан үөрүүнү аҕалар.

Кэтэһии тулууру үөскэтэр. «Туох барыта кэмнээх, кэрдиилээх» диэн этии кэмин иннинэ туох да кэлбэтин биллэрэр. Туох эмэ туһалааҕы оҥоруоххун санаатаххына, кэмэ кэлэрин кэтэһэргэр тиийэҕин, тулуйуохха, тулуурдаах буоллахха эрэ кэтэһии кыаллар, табыллар, сыыһа-халты туттунуу аҕыйыыр кыахтанар. Оҕо улаата охсон улахан киһи оҥорор дьыалаларын барытын оҥоро охсоору, киһи буолаары ыксыыр, тиэтэйэр. Этэ-сиинэ ситэн, сатаан хамсанары, оҥорору, тутары баһылыы илигинэ өйө-санаата сайдыбыта туһата суох хаалыан, улахан киһи оҥорорун барытын кыайан оҥорумуон, оҥордоҕуна даҕаны сыыһа-халты буолара элбиир. Оҕо аан бастаан киһи буолууну ситиһэрэ өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэһэр.

Булчут ураты тулуурдаах буолара биллэр. Оҕо сылдьан куска үөмэн иһэн тулуйбакка, өндөҥнүү истэххэ кус көрө охсон көтөн хаалан хомоторо. Булду кэтэһии тулуурдаах буоллахха эрэ кыаллар.

Киһи кыаҕа кыратыттан айылҕа уларыйыыларын кэтэһэрэ ордук элбэх. Саас өрүс уҥуор массыынанан бара сылдьыан баҕарар киһи өрүс мууһа хаһан устарын, ыраастанарын, паром сылдьарын кэтэһэригэр, күүтэригэр эрэ тиийэр. Онтон күһүн муус тоҥорун, халыҥыырын кэтэһии, уйуо дуу, уйумуо дуу диэн быһаарыыны тутуһартан тутулуктааҕынан уустуктары үөскэтэр.

Тиэтэйии алдьатыыга тириэрдэрэ элбэх. Сахалар үөрэхтэрэ «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн үөрэтэр. Үөрэҕи-билиини баһылаабыт, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон бары Сир үрдүгэр туох барыта тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турарын билэннэр, саҥаны айа, айыыны оҥоро сатааһыҥҥа тиэтэйбэт, ыксаабат буолууга үөрэх оҥостоллор. Аһара саҥаны айыыны оҥоро сатааһын үөскээн турар тэҥнэһиини аҥар өттүгэр түргэнник хамсатар. Дьон бары айыыны оҥоро сатаатахтарына сир тутуллан турар тэҥнэһии балаһыанньата хайа да өттүгэр хамсааһына сиргэ алдьархайдары оҥоруон сөп. (1,75).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: Компания "Дани АлмаС", 2012. - 144 с.