Лукин Дмитрий Афанасьевич

Лукин Дмитрий Афанасьевич - Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр аармыйаҕа иккитэ ыҥырыллыбыт саха киһитэ.

Лукин Дмитрий Афанасьевич 1913 сыллаахха Илин Хаҥалас улууhун 2-с Тыыллыма нэhилиэгэр уон о5олоох Балааҕыйа уонна Охонооһой Лууукуннар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. О5о сааhа өрөбөлүүссүйэ уонна кырасдааныскай сэрии ыарахан сылларыгар түбэспитэ. Кини 1932 сыллаахха, 19 саастаа5ар "Холбос"потребсойуус Майатааҕы лааппытыгар атыылааччынан үлэтин са5алаабыта. Сотору биэкэр буолбута. Биэкэр үлэтэ уустугун, мындырын ааhан олус ыарахан этэ. Тиэстэни илиинэн мэhийии, 70-уу киилэлээх кууллаах бурдугу күн аайы отуччалыыны-биэс уоннууну сүгүү-көтөҕүү, уhун күнү быhа итии оһох суоhугар сыраныы – бу сыанан а5аабат үлэ. 1938 сыллаахха Аана диэн дьахтардыын ыал буолбута.

1941 сыллаахха атырдьах ыйын 15 кунугэр 48-с нүөмэрдээх бирикээhинэн сэриигэ ыҥырыллар. Бэбиэскэни сарсыарда биэс чааска туттараллар, а5ыс чааска хомуллан бараллар. 584-с саппаас строевой батальоҥҥа стрелок буолар. 1941с. бала5ан ыйыттан 110-с туспа оробуочай батальоҥҥа киирбит. Бүрээт-Моҥгуолуйа5а үлэ боруонугар сылдьан 1942 сыллаахха эчэйэн дойдутугар төннөн кэлэр.

1943 сыллаахха аармыйаҕа иккиhин, бэйэтэ тылланан барар. Бу сырыыга Уус-Кяхта байыаннай чааhыгар сулууспалыыр. 1943 с. Ыам ыйын 31 кунуттэн 20-с Конпедо5а биэкэринэн киирэр. 1943с. от ыйыттан 1946с. ыам ыйын 16 күнүгэр дылы Монгольскай Народнай Өрөспүүлүкэ кыраныыссатын пуунугар биэкэринэн сылдьар. Сотору Моҥгуолуйаҕа- Сухэ-Батор куоракка, Сэбиэскэй Аармыйа турар чаастарыгар көhөрөллөр. Бэриниилээх, туйгун сулууспатын иhин полка хамандыырыттан элбэх хай5алы, махталы ылар. 1946 сыллаахха дойдутугар «Бойобуой үтүөлэрин иһин», "Германияны кыайыы иһин» уонна «Японияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх демобилизацияланан кэлэр.

Дьиэ кэргэнигэр биэс оҕоттон бииргэ төрөөбүтэ Лукин Константин Афанасьевич (1914-1979) 1943 с. ынырыллан баран, 2-с Украинскай фронт 7 армиятын 21-с капкаас полкатыгар сэриилэһэн, Карпааттан Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит. Аҕа дойду улуу сэриитин 2-с истиэпэ уордьаннаах, «Германияны кыайыы иһин», «Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээллэрдээх. 1945 сыллаахха бааhыран төннөн кэлбит.

Дмитрий Афанасьевич кэлээт да ,биэкэринэн үлэлээн барар. 1950-1956 сылларга Ороссолуода бөhүөлэгэр бэкээринэ сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. 1956 сыллаахха Майатыгар төннөн кэлэн биэкэринэн, кэнники сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Дмитрий Афанасьевич барыта 55 сыл бэкээринэҕэ үлэлээбитэ. Үлэлиирин тухары кэлэктиипкэ холобурга сылдьар биир бастыҥ улэhит, эдэрдэргэ солбуллубат настаабынньык. Элбэх эдэр дьону бэйэтин идэтигэр ииппитэ-уhуйбута. Ити курдук үлэлээн сааhынан биэнсийэҕэ тахсан да баран, салгыы бэкээринэҕэ сэбиэдиссэйинэн 1987 сыллаахха дылы үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах үлэтин иһин «Бочуот бэлиэтэ» уордьанынан наҕараадаламмыта.

2001 сыллаахха, 88 сааһыгар, ыалдьан өлбүтэ.

«Ленинский знаменосец» хаьыаттан.