Мальтаҕа чума эпидемиялара

Орто дойдулар бириэмэлэртэн 1945 сылга дылы хас да чума эпидемиялара Мальтаҕа буола сылдьыбыта, 350 сыл иһининэн буолбут уон эпидемия устатыгар 20,000 киһи кэриэтэ өлбүтэ. Бастакы эпидемиялар ааспыттарын кэннэ араас ыарыыны сэрэтэр дьаһаллар олохтоммуттара, ол курдук олус үчүгэйдик үлэлээбит лазарет, Средиземнай муораҕа сылдьар хараабылларга сыстыган ыарыылара суох диэн туоһу суругу биэрэр кыахтаах этэ.

1813-1814 сылаахха буола сылдьыбыт чума эпидемиятын бириэмэтигэр өлбүт дьоннору таһар катафалк. Билигин Заббар куорат музейыгар баар[1]

1530 сыл иннинэ эпидемиялар уларыт

Орто сыллар бириэмэлэригэр хас да эпидемия Мальта арыыларыгар дьайа сылдьыбыттара да, ол туһунан информация аҕыйах. Сорох даннайынан, бастакы чума эпидемията бастаан 13-с үйэҕэ буола сылдьыбыт диэн биллэр, Рабат куоракка өлбүттэр кылаабыһаҕа көмүллүбүттэр.

1347 сыл альтынньы ыйыттан саҕалаан Хара Өлүү диэн ааттаммыт чума пандемията Сицилияҕа баар Мессина куоратыгар кэлбит хараабылтан саҕаламмыта. Сорох иһитиннэриилэринэн Мальтаҕа 1348 сыллаахха пандемия кэлбитэ диэн суруйбуттар,[2] тоҕо диэн икки арыылар икки ардыларыгар экономика уонна муора сибээстэр баалларыттан. Ол гынан баран пандемия Мальтаҕа хайдах ааспытын туһунан информация суох.

Атын чума эпидемиялара 1427–28, 1453, 1501, 1519 ааспыттар диэн биллэр.[3] and 1523.[2] Тиһэх түбэлтэҕэ галеонтан саҕаламмыта. Ыарыы баара биллибитин кэннэ Мдина куорат салалтата хараабыл үлэһиттэрин изоляциялыы сатаабыта, хараабылы тимирдибитэ, таһаҕаһын умаппыта. Ол да буоллар чума син биир аттыгар баар Биргу куоракка тарҕаммыта, куораты атын куораттартан изоляциялаабыттара уонна киириини-тахсыыны саппыттара.[2]

Чуматтан атын да ыарыылар тарҕанар буола сылдьбыттара, ол курдук 1453 сыл уонна 1455 сыл икки ардыларыгар morbus di la gula et di la punta диэн ааттаммыт ыарыы тарҕаммыт, билигин скарлатина буолар дуу дии саныыллар, онно эмиэ элбэх киһи өлбүт.

1592–1593 сыллах эпидемията уларыт

Бу Мальтаҕа бастакы докуменнаммыт эпидемия буолар. Александрияттан кэлбит хараабылтан саҕаламмыт. 3300 киһи кэриҥэ өлбүт, арыылар олохтоохторун ахсааннарыттан 12% буолар. Ыарыыны сыыһа салайыыттан сылтаан араас карантин курдук үлэлиир миэрэлэри ылар буолбуттар.[4]

1623 сыл эпидемията уларыт

Ыарыы бастаан Паоло Эмилио Рамуччи диэн Мальта Улахан гаванын харабылын үлэһитин дьиэтигэр саҕаламмыт. Аттыгар баар дьиэлэргэ түртэнник тарҕаммыт. Былаастар ону түргэнник изоляциялаан карантиҥҥа ыыппыттар, ыарыыны түргэнник туппуттар да буоллар син биир 40 киһи өлбүт.[5]

Лазарет тутуута уларыт

 
1770 сыллаахха оҥоһуллубут Маноэль арыытыгар баар карантинныыр тутуу гравюрата

1643 сыллахха лазарет туппуттар, бастаан Марсамшетт гаваньыгар баар арыыга, ону хойуут дииллэрэ, холобур, Венеция куоратыгар бастакы лазарет 1403 сыллаахха тутуллубута, онтон Марсель куоракка 1526 сыллахха.[4] Ол гынан баран ол тэрилтэ олус эффективнайдык үлэлээн Мальтаны Средиземнай муораҕа биир ордук куттала суох порт оҥорбута. Ол кэнниттэн хараабылларга сысытыганнах ыарыы суоҕун туһунан туоһу суругу биэрэр кыахтаммыта, Арҕаа Европаҕа атын портарыгар киирэр кыахтаналлара. Ол хараабыллар карантиҥҥа тохтуулларыттан Мальта экономиката олус сайдыбыта.[6][7]

1655 сыллахха тарҕаныы уларыт

Үһүс эпидемия 1655 сылга балаҕан ыйыгар "Порта Маджиоре" (билигин Виктория боруотата диэн ааттанар), диэн Леванттан кэлбит хараабыллар тохтуур сирдэригэр саҕаламмыт. Ыалдьыбыт хараабыл экипааһыттан киһини кытта конттактаммыт, уонна ыарыыны эдьиийигэр сыһыарбыт. Дьиэ кэргэн атын дьонноро ыалдьаллара саҕаламмытыгар салалта дьоннору ларазетка изоляциялаабыттар. Онно быһа холоон сүүс киһи ыалдьыбыт, онтон үчүгэй медицинскай көмө баарыттан 52 тыыннаах хаалбыт. [8]

1675–1676 сыллааҕы эпидемия уларыт

Бу сылларгар ааспыт төрдүс эпидемия Мальта историятыгар саамай өлүүлээх буолбут. 11300 киһини өлбүт,[9] ол аата Мальта нэһилиэнньэтин быһа холоон 25%,[8] онтон Улахан Гаваньҥа өссө элбэх бырыһыанынан, онно элбэх рыцарьдары.[10] Франция Марселыттан кэлбит быраастар олус көмөлөспүттэр диэн суруйбуттар.[11]

1813–1814 сыллар эпидемията уларыт

Бу сылларга ааспыт эпидемия Британия администрацията бастаан туппут эпидемията буолар. Александрияттан кэлбит хараабылтан саҕаламмыт.[12] Ыарыы бастаан Валетта куоракка бытааннык тарҕаммыт, онтон атын куораттарга тарҕанан Хаз Зебуг уонна Корми куораттар нэһилиэнньэтин 15% өлөрбүт.[13] Бүтүөн иннинэ олус кытаанах драконскай миэрэлэри ылбыттар, онон эпидемия тохтообут, ол иннинэ кыратык Гоцо арыыга тиийэ сылдьыбыт.[14]

Муус устар 1813тан уонна эпидемия бүтүөр дылы 1814 сыл балаҕан ыйыгар дылы, бу эпидемия сүүс тыыһынчалаах Мальта нэһилиэнньэтиттэн 4668 киһини өлөрбүт.[15]

1917 сыллаах вспышка уларыт

Кыра эпидемия 1917 сыллахха кулун тутар 2 күнүттэн муус устар 2 күнүгэр дылы 8 кыра хараабылларга тарҕаммыт.[16] Ыарыы Месопотамияттан кэлбит ящигы арылыытыттан саҕаламмыт.[17]

1936–1937 сыллаах вспышката уларыт

 
1936 сыллаахха Мальта пуорда

Корми куоракка килиэп оҥорор дьон дьиэ кэргэнигэр 1936 сыллахха саҕаламмыт. Эһээлэрэ муус устар 8 күнүгэр өлүөҕүн иннинэ эрэ тириитигэр чума бубоннара тахсыбыттар. Кини 42 саастаах уола муус устар 13 күнүгэр ыалдьыбыт уонна онно өлбүт. 20 саастаах сиэнин тута лазаретка ыыппыттар, уонна тыыннаах хаалбыт. Ол кэннэ аттыгар баар дьиэ кэргэннэр ыалдьыбыттар.[18] Хантан кэлбитэ биллибэт, Тунистан кэлбит таһаҕаска баар диэн сабаҕалаабыттар. Корми куоракка 13 ыйдаах эпидемия устата 8 киһи ыалдьыбыт, онтон 3 өлбүт.Ол куорат тула барьер туруорбуттар да, эффективноһын көрдөрбөтөх. Мальта атын куораттарыгар уонна арыыларыгар тиийэ тарҕаммыт.[19]

Тэмистоклс Заммит диэн учуонай ыыппыт чинчийиитигэр хара крысалар (Rattus rattus), ол бириэмэҕэ Мальтаҕа саҥа кэлбит эбиттэр, онно олоро сылдьыбыт бороҥ крыса оннугар, кинилэр чуманы тарҕаппыттар диэн бэлиэтиир. Уопсайнынан, араас ааҕыылары итэҕэйдэххэ, 25[20] уонна 33[21] киһи ыалдьыбыт, уонна аҕыстан [19] уон икки киһи өлбүт.[21]


Быһаарыылар уларыт

  1. K (26 February 2019).
  2. 2,0 2,1 2,2 The Medical History of the Maltese Islands: Medieval.
  3. Miège, Par M. (1840). Histoire de Malte: Histoire. Paulin. p. 416. https://archive.org/details/bub_gb_Q2w5AAAAcAAJ. 
  4. 4,0 4,1 Brogini, Anne (2005). "Chapitre XI. l'Irrésistible ascension du commerce" (in en). Malta, border of Christianity (1530-1670). Bibliothèque des Écoles françaises d'Athènes et de Rome. Publications of the French School of Rome. pp. 565–615. ISBN 9782728307425. 
  5. Giovanni Francesco Abela (1780). Malta illustrata... accresciuta dal Cte G.A. Ciantar. Mallia. p. 188. https://books.google.com/books?id=owq3PSvrIdYC. 
  6. Carmen Depasquale (April 2009). «La Quarantaine in Malta in the 17th and 18th centuries in the memories, newspapers and accounts of some travelers» (fr). The Northern Mariner.
  7. Blondy, Alain (1994), "The Order of St John and the economic development of Malta (1530-1798)" (in en), Review of the Muslim World and the Mediterranean 'The Maltese Crossroads' 71: 75–90, archived from the original. Error: You must specify the date the archive was made using the |archivedate= parameter, http://www.persee.fr/web/journals/home/prescript/article/remmm_0997-1327_1994_num_71_1_1636 
  8. 8,0 8,1 Anne Brogini. The population of Malta in c. XVII, a reflection of modernity(ааҥл.) 17–38 (2004).
  9. Bartolomeo Dal Pozzo (1715). Historia della sacre religione militare di S. Giovanni gerosolimitano della di Malta. Albrizzi. p. 455. https://books.google.com/books?id=N69aKnsp0sYC. 
  10. Louis François Villeneuve-Trans (marquis de) (1829). Monumens des grands-maîtres de l'Ordre de Saint-Jean de Jérusalem ou Vues des tombeaux élevés à Jérusalem, à Ptolémaïs, à Rhodes, à Malta, etc., accompagnés de notices historiques sur chacun des grands-maîtres. J.J. Blaise. p. 781. https://books.google.com/books?id=UF0PAQAAMAAJ. 
  11. Antoine Barthélémy Clot (1840). De la peste observée en Égypte: recherches et considérations sur cette maladie. Fortin, Masson. p. 394. https://archive.org/details/delapesteobserv00clotgoog. 
  12. Mangion, Fabian (19 May 2013). "Maltese islands devastated by a deadly epidemic 200 years ago". Times of Malta. https://timesofmalta.com/articles/view/maltese-islands-devastated-by-a-deadly-epidemic-200-years-ago.470542. 
  13. Chris Grech. The Rise and Fall of the Callus Fortunes – Plague of Malta 1813(ааҥл.) (2013).
  14. James D. Tully (1821). The History of Plague: As it Has Lately Appeared in the Islands of Malta, Gozo, Corfu, Cephalonia, Etc. Detailing Important Facts, Illustrative of the Specific Contagion of that Disease, with Particulars of the Means Adopted for Its Eradication. Longman, Hurst, Rees, Orme, and Brown. p. 30. https://archive.org/details/historyofplaguea00unse. 
  15. Attard, Eddie (9 June 2013). "Role of the Police in the plague of 1813". Times of Malta. https://timesofmalta.com/articles/view/Role-of-the-Police-in-the-plague-of-1813.473584. 
  16. (11 January 1918) «Prevalence of Disease: Foreign» (Association of Schools of Public Health) 33: 50–53.
  17. (1951) «Plague studies: a summary of the history and a survey of the present distribution of the disease» (en) 4 (4): 475–533. PMID 14925809.
  18. Attard, Christian (1 May 2011). "Malta's plague epidemic 75 years ago". Times of Malta. https://timesofmalta.com/articles/view/malta-s-plague-epidemic-75-years-ago.363129. 
  19. 19,0 19,1 Plague(фр.) 54 (4 February 1937).
  20. (2004) «Épidémiologie et prise en charge des épidémies de peste en Méditerranée au cours de la Seconde Guerre mondiale» (fr). Bulletin de la Société de Pathologie Exotique 97 (4): 306–310.
  21. 21,0 21,1 S.C. Barnett (1948). «Rat control in a plague outbreak in Malta» (en) 46 (1): 10–18. DOI:10.1017/s0022172400036019. PMID 18861427.