Манасия бииһэ (ивр. שֵׁבֶט מְנַשֶּׁה‬‎) диэн биир Ыһыраайыл бииһэ. Дьуоһуп улахан уолуттан Манасияттан төрүттээхтэр. Эфраим бииһин кытта Дьуоһуп дьиэтэ буолаллар. Биир сүппүт биис буолар. Ханаан сирин үллэстиитигэр Манасия бииһэ Иордан икки кытылларыгар сытар сирдэри ылбыта (билиҥҥи Самария сирэ). Сотору кэминэн Иордан уҥуордааҕы сирдэрин Ассириялар буулаан барбыттара. Осия хаан биилигин саҕана бу сирдэри Ассирия хаана Салманасар V баһылаан ылбыта.

Ыһыраайыл уон икки бииһин сирдэрин хаартата
Манасия бииһэ