Михаил васильевич гурьев

Михаил Васильевич Гурьев — үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Дьанхаады нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо 1935 сыллаахха Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Эрдэ тулаайах хаалан оҕо сааһа сэрии кэмнэригэр ааспыта. Кэлин үлэһит буолан Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Герой Попов аатынан совхозка өр сылларга тутуу биригэдьииринэн, прорабынан үлэлээбитэ. Үс нэһилиэккэ улахан тутуулары ыыппыта. Хоһоон суруйуутунан утумнаахтык дьарыктанан, үгүс үлэтэ биһирэбил ылбыта. "Таммахтар" улуус суруйууларын түмсүүтүн чилиэнэ. Элбэх хоһооно кинигэ буолан күн сирин көрдүлэр уонна ырыа буоланнар бар дьон хайҕабылын ыллылар. Михаил Васильевич билигин айар үлэтин үгэнигэр сылдьар, салгыы суруйар улахан былааннардаах. Түөрт кинигэ ааптара, кини хоһоонноругар Степан Сергучев, Аскалон Павлов, Тамерлан Иванов, Виктор Иванов, Николай Афанасьев, Прокопий Федоров ырыалардаахтар.