Мотель (ааҥл. Motel, Motor Hotel) диэн көлөлөөх айанньыттарга анаммыт хонук дьиэ. Мотель уратыта диэн хоско паркинг сириттэн быһа киирэҕин. Мотель дьиэлэрэ үксүгэр 1-2 этээстээх буолаллар. Milestone Mo-Tel (кэлин Motel Inn) диэн маҥнайгы мотель 1925 сылга Калифорния Сан Луис Обиспо хототугар тутуллубута. Америкаҕа 1940-1950с сылларга түргэн сырыылаах суоллар ситимнэрэ кэҥээн уонна дьон тус массыыната элбээн мотель индустрията чэчирии сайдыбыта.

Route 66 суол уһаты мотеллэр. Амарилло, Техас.