Хонук дьиэ (отель) диэн ыалдьыттары быстах кэмҥэ дьиэлиир тэрилтэ. Хонук дьиэҕэ киһи хонор, аһыыр, суунар. Хонук дьиэлэр араас типтээхтэр уонна өҥөлөөхтөр. Хонук дьиэ иһигэр ресторан, маҕаһыын, харбыыр бассейн, спортзал уо.д.а. өҥө баар буолуон сөп. Хонук дьиэ төлөбүрэ уонна өҥөтүн хаачыстыбата хайдах таһымнааҕыттан тутулуктаах. Маны быһаарарга анаан аан дойдутааҕы "сулус рейтинга" баар, ол эбэтэр хонук дьиэ таһыма хас сулустааҕыттан көстөр (бииртэн биэскэ диэри).

The Peninsula New York хонук дьиэ, Мидтаун Манһэттан.
Хонук дьиэ

Хонуктааһын уларыт

Хонук дьиэ нүөмэрдэрин (хосторун) көрүҥнэрэ:

  • Standard — көннөрү нүөмэр
  • Studio — көннөрү нүөмэртэн арыый улахан
  • Single — биир киһилээх нүөмэр
  • DBL — икки киһилээх нүөмэр
    • Double — биир 2 киһилээх орон
    • Twin — икки 1 киһилээх орон
  • Business — икки хостоох нүөмэр, ыалдьыт хоһо уонна утуйар хос
  • TRPL — үс киһилээх нүөмэр
  • EXB — эбии оронноох нүөмэр
  • CH — оҕолоох дьон нүөмэрэ
  • Superior — үрдүк тупсаҕайдаах нүөмэр
  • Villa — бунгалоҕа олоруу
  • Family room — кэргэн нүөмэрэ, 2 эбэтэр 3 хостоох
  • Duplex — икки таһымнаах нүөмэр
  • Junior Suite — тупсарыллыбыт былааннаах нүөмэр (аҥар люкс)
  • Suite — тупсарыллыбыт былааннаах уонна категориялаах нүөмэр (люкс)
  • De Luxe — үрдүк люкс таһымнаах нүөмэр

Аһылык уларыт

Хонук дьиэҕэ аһылык көрүҥнэрэ:

  • OB (Only Bed, орон эрэ), RO (Room Only, хос эрэ) — хонук дьиэ ыалдьыттарын аһаппат.
  • BB (Bed-n-Breakfast, орон уонна сарсыардааҥҥы аһылык) — сарсыардааҥҥы аһылык баар. Буфет эбэтэр континентал сарсыардааҥҥы аһылык буолуон сөп.
  • HB (Half-Board, аҥар пансион) — күҥҥэ икки аһылык. Сарсыардааҥҥы икки күнүскү эбэтэр киэһээҥҥи аһылык.
  • FB (Full-Board, толору пансион) — күҥҥэ үс аһылык сарсыардааҥҥы, күнүскү, киэһээҥҥи.
  • Al (All inclusive, барыта киирэр) — үс аһылыктан ураты эбии быстах аһылыктар бааллар, үксүгэр буфет курдук.
  • UAI (Ultra All inclusive, бука барыта киирэр) — кэминэн элбэҕинэн хааччахтаммат аһылык. Арыгылаах утахтар босхолор төһө баҕараргын иһэҕин.

Биллиилээх хонук дьиэ ситимнэрэ уларыт

Эбии маны көр уларыт