Олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ

Олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэрэ (ааҥл. International Day of the World’s Indigenous, исп. International Day of the World’s Indigenous, фр. la Journée internationale des populations autochtones) — атырдьах ыйын 9 күнүгэр бэлиэтэнэр.

1994 сыллаахха ХНТ Генеральнай Ассамблеята олохтоох омуктар уон сылларын биллэрбитэ, уонна бу уон сыл иһигэр атырдьах ыйын 9 күнүгэр анал күнү бэлиэтииргэ уураахтаабыта (ахсынньы 23 күнүнээҕи 49/214 № резолюцията).

Онтон 2004 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Генеральнай Ассамблея олохтоох омуктарга аналлаах иккис уон сылы биллэрбитэ (59/174 № резолюция) уонна бу күнү бэлиэтиири салгыыр туһунан эппитэ. Уонна ХНТ Генеральнай сэкиритээриттэн дойдулар бырабыыталыстыбаларыгар бу күнү судаарыстыбалар таһымнарыгар бэлиэтииргэ ыҥырарын көрдөспүтэ.

ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ 2005 сыллаахха Туһаайыытыгар эппитэ:

…расширить повсюду круг солидарности с коренными народами и совместно с ними работать над тем, чтобы обеспечить им возможности для развития в условиях мира и безопасности при уважении прав человека, в которых слишком многим из них слишком долго отказывали.

Аан дойду күнүн тиэмэлэрэ уларыт

  • 2013 сыл — «Олохтоох омуктар ыккардыларыгар ситимнэри тэрийии: сөбүлэҥнэр уонна атын кэскиллээх кэпсэтиилэр ирдэбиллэрин толоруу»
  • 2012 сыл — «Сонуннары тарҕатар тэрилтэлэр олохтоох омуктарга»
  • 2011 сыл — «Олохтоох омуктар айымньылара: үһүйээннэри уонна утуму өрө тутуу, кэскилбитин барҕардыы»
  • 2010 сыл — «Олохтоох омуктар киинэлэрин диэйэтэллэрэ»[1]
  • 2009 сыл — «Олохтоох омуктар уонна ВИЧ/СПИД»
  • 2008 сыл — «Дойдулар уонна олохтоох омуктар ыккардыларыгар иллэһии уонна бииргэ үлэлээһин»

Быһаарыылар уларыт

Сигэлэр уларыт