Оҥхой нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү улууһа)

Оҥхой нэһилиэк. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Оҥхой.

Үөдүгэй нэһилиэгэНам нэһилиэгэДүллүкү нэһилиэгэХоро нэһилиэгэБоотулу нэһилиэгэДалыр нэһилиэгэКэнтик нэһилиэгэМэйик нэһилиэгэОроһу нэһилиэгэТамалакаан нэһилиэгэӨргүөт нэһилиэгэМаҥаас нэһилиэгэОҥхой нэһилиэгэХарбалаах нэһилиэгэКырыкый нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэТуобуйа нэһилиэгэБыракаан нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэБүлүү улууһаГорнай улууһаӨлөөн улууһаНьурба улууһаСунтаар улууһаӨлүөхүмэ улууһа

Улуус кииниттэн 50 км хоту диэкки сытар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 553 киһи (2007 сыл).

географияҕа: 1) ирбэт тоҥноох сир мууһа ууллан ньуура дьөлө сиҥнэн түспүтэ; 2) сир ньуура, буора суураллан, дьөллөн түспүтэ. Синоним: оҥкучах (атын эбии суолтата: хаһаайыстыбаҕа анаан хаһыллыбыт иин). Т.к.: онгкучах (эбэҥк.) — итинник суолталаах саха тылыттан киирии.

Нэһилиэктэн төрүттээхтэр уларыт

Федотов Симон Петрович (01.04.1939—2004) — Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа.
 
Оҥхой нэһилиэк куйаартан көстүүтэ

Сигэлэр уларыт


Колхозтар тэриллиилэрэ уларыт

"Кыһыл Үүнүү" колхоз уларыт

1937 сыллаахха Аһыкай нэһилиэгэр Үҥкүр күөлгэ "Кыһыл Үүнүү" колхоз тэриллэр. Аан маҥнай 1931 с. Сээҥээбигэ "Трактор" колхозка икки хаһаайыстыба кииэрэ: Кривогорницын Василий Семенович уонна Степанов Василий Иванович. Миэстэлэрэ табыгаһа суоҕунан "Трактор" колхозтан араҕан Үҥкүр күөлгэ "Кыһыл Үүнүү" колхоһу 1937 с. тэринэллэр. Онно 22 хаһаайыстыба киирбитэ.

"Пятилетка геройа" колхоз уларыт

II Хоро нэһилиэгин "Чиллэ" учаастагар 1934 сыллаахха муус устар ыйга тэриллибит. Колхоһу тэрийиигэ активнай кыттыыны ылаллар: Дмитриев Павел Васильевич, Евдокимов Кирилл Евдокимович. колхозка 11 хаһаайыстыба холбоһор. Уопсай холбоммут баай-дуол: 12 ат, 8 оҕус, 8 боруонньа, 20 буут сиэмэ бурдуга, 2 га ыһыы сир, 65 га ходуһа сирэ, 14 га мэччирэҥ сирэ. кэлин бу колхоз Оҥхой нэһилиэгэр М. Горькай аатынан колхозка холбоһор.

"Кыайыы" колхоз уларыт

"Трактор" колхоз уларыт