Прометей
Прометей — былыргы гириэктэр үһүйээннэригэр титааннартан биирдэстэрэ, уот таҥарата. Үһүйээн быһыытынан Прометей уоту таҥаралартан уоран дьоҥҥо бэлэхтээбит. Ону иэстэһэн Зевс Пандораны айан дьоҥҥо биэрэр, онто аан дойду туох баар куһаҕанын босхо ыытар[1].
![](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/5/5b/Heinrich_fueger_1817_prometheus_brings_fire_to_mankind.jpg/200px-Heinrich_fueger_1817_prometheus_brings_fire_to_mankind.jpg)
Атын барылынан Зевс Прометейы очуос тааска сыабынан баайар уонна хотойу ыытан быарын тоҥсуттарар, Прометей бааһа түүн аайы оһон иһэр, хотой күн аайы кэлэн быарын тоҥсуйан сордуур.
Быһаарыылар
уларыт- ↑ Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009, Астрель