Роман Данилов (Данилов Семён Романович) — поэт, 1998 с. Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, 1960 с. Россия журналистарын Сойууһун чилиэнэ. 1953 сылтан саҕалаан хоһоон суруйар.

Олоҕун олуктара уларыт

  • 1935 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр Чурапчы улууһугар Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • 1957 с. Чурапчытааҕы педучилищены үөрэнэн бүтэрбитэ.
  • 1969 сыллаахха Саха государственнай университетын үөрэнэн бүтэрбитэ.
  • 1957-1965 сылларга "Эдэр коммунист" хаһыат редакциятыгар литературнай сотруднигынан, отдел сэбиэдиссэйинэн, эппиэттиир сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ.
  • 1965 сылтан Амма, Анаабыр, Чурапчы улуустарыгар хаһыат редакциятыгар үлэлээбитэ.

Айымньылара уларыт

  • Анньыах көмүс сэргэни: Хоһооннор. - Чурапчы, 1993
  • Көннөрү да кэпсиим, күлүүм... : Кэпсээн, новелла, ахтыылар, хоһооннор, чабырҕахтар, сатира, фельетоннар, көр-күлүү. - Чурапчы, 1994
  • Умсулҕан: Хоһооннор. - Нам, 1995

Олоҕун, айар үлэтин туһунан уларыт

  • Тумат С. Роман Данилов: Россия суруйааччыларын союһун саҥа чилиэнэ // Чолбон. - 1999. - № 7

Быһаарыылар уларыт

Ылыллыбыт сирэ уларыт

  • Писатели земли Олонхо. Якутск, 2000