Сидоров Егор Сидорович — тыл үөрэхтээх устуорук учуонай, илиҥҥи тылларга специалист, тылбаасчыт, филология билимин хандьыдаата. Литэрэтиирэни ырытыыга, фольклорга, итэҕэлгэ үлэлэрдээх. Тыыл бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ.

Бастаан Ташкент университетыгар үөрэнэ сылдьан тюркологиянан, кытай, перс уонна араб тылларынан үлүһүйбүтэ, онтон икки сыл буолан баран Ленинград судаарыстыбаннай университетыгар көспүтэ. Онно үөрэнэ сылдьан дьоппуон, ааҥыл, ньиэмэс тылларын үөрэппитэ, 1962 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

Өксөкүлээх «Ойуун түүлүн» нууччалыы тылбаастаабыта, устуоруйа уонна тыл өттүттэн ырытыы оҥорбута, Кындыл Уйбаан айымньыларын, олоҥхолору тылбаастаабыта[1].

Быһаарыылар уларыт