Сириэһин сиигэ

  1. Көтүү, көтүөкэ анньыы.
  2. Иҥээһин.
  3. Атаралыы анньыы.
  4. Сирийии, сириэһин, сирийэ анньыы.
  5. Субуйа, собуччу анньыы.

Тигии сиигэ

  1. Хачайдыы анньыы.
  2. Хабайыы (хамайыы, хам анньыы) — сииги хаптатарга.
  3. Сииктии тигии,
  4. Мииннэрэ анньыы.
  5. Кэдэрги анньыы — кэнниттэн анньыы.
  6. Ынахтыы анньыы — саарыга, түнэҕэ туттуллар сиик.
  7. Батары (батара) анньыы — тумус анньарга.
  8. Хайа анньыы — халыҥ тириини курдары аспакка, аҥаарынан анньан тигии.
  9. Икки хос хайа анньыы — халыҥ тириини икки өттүнэн хайа анньан тигии.
  10. Дородуйуу (доройуу, дорооһун).
  11. Күбүрүйүү.
  12. Бүүрүү сиик.
  13. Үүйүү сиик.
  14. Тотторү-таары мииннэрэ анньыы.
  15. Туймуулуу анньыы.
  16. Сытыары анньыы (иҥнэри сиик).
  17. Икки хос сытыары анньыы.
  18. Баттата анньыы.
  19. Дьипииэһиннээх сиик — ус хос халыҥ тириини тигэргэ аналлаах.
  20. Оҕус ииктэтэ анньыы.
  21. Кутуйах суола анньыы.
  22. Кыранаас суола анньыы.
  23. Туйах хаамтара анньыы.
  24. Кириэстии анньыы — туора анньыы.
  25. Быыдаралыы анньыы.
  26. Икки хос быыдара сиик, о.д.а.

Ойуу-дьарҕаа сиигэ

  1. Таҥалай анньыы (таҥалай сиик).
  2. Суһуохтуу сытыары анньыы.
  3. Уктаалыы анньыы.
  4. Тиэрбэстии анньыы (биэтилэлии анньыы).
  5. Иилэҕэс анньыы (иилэҕэс тардыы, иилэ тардыы).
  6. Эрийэ охсуу (эрийэ тардан ылыы).
  7. Синньэлии сиик.
  8. Субурҕалыы (субуулуу) анньыы.
  9. Кыбытыылаах сиик.
  10. Харыйалыы анньыы.
  11. Кыламан анньыы, о.д.а.

Ии тигиитин apaaha

  1. Хабарҕалыы анньыы.
  2. Ураһалыы анньыы.
  3. Илим хараҕа анньыы.
  4. Охторо, тыал анньыы.
  5. Бөлөх ии.
  6. Көтүөкэй ии (көтүөкэ).
  7. Сиэл анньыы.
  8. Иилэ тардыы.