Соһор рикша эбэтэр рикша — соҕотох биитэр икки киһини олордон баран сатыы киһи соһор тэлиэскэтэ.

Дьоппуон рикшата, 1897 с.

Аныгы кэмҥэ сорох дойдуларга рикшаны соһор киһи доруобуйатын харыстаан бобуллан турар. Ол оннугар велорикша уонна моторикша үөдүйдэ.

Устуоруйата уларыт

Рикша 1860-с сылларга Японияҕа техника балысханнык сайдар кэмигэр айыллыбыт диэн ааҕаллар[1][2]. XIX үйэҕэ Азияҕа барытыгар тарҕаммыта[1].

Куоракка көспүт бааһынайдар бастаан рикша буолаллара[3][4].

Японияҕа 1930-с сылларга массыына элбээн, рикша улам аҕыйаан барбыта. Кытайга 1920-с сылларга аҕыйаабыта[3][5]. Оттон Сингапуурга төттөрүтүн 1920 сыллаахха 50 000 кэриҥэ рикша баар буоллаҕына, 1930 сыллаахха икки төгүл элбээбит.[6].

Оҥоһуута уларыт

Бастакы рикшалар тимир көлүөһэлээх этилэр, пассажир эмиэ кытаанах олбоххо олороро. Кэлин, 19-с үйэ бүтүүтүгэр, 20-с үйэ саҥатыгар эрэһиинэ уонна салгыннаах эрэһиинэ көлүөһэлэммиттэ, буруһууналаммыта, олбохторо эмиэ буруһууналаах, олорорго табыгастаах буоллун диэн сис өйүүр олоппос сарайын курдук сарайдаммыта. Ону таһынан уоттаммыта[7].

Шанхайга баай дьон бас билэр рикшаларыттан араараары уопсастыбаннай рикшалар араҕас өҥнөөх этилэр.

Рикша элбэх киһилээх, кыараҕас уулуссаҕа сылдьарга табыгастааҕа. Ардах кэмигэр чалбахтаах уулуссаннан дьиэ ааныгар тиэрдэн биэрэллэрэ. Оптуобустан уонна тырамбаайтан уратылара диэн аантан ааҥҥа диэри тиэрдэллэрэ[7].

Быһаарыылар уларыт

  1. 1,0 1,1 James Francis Warren. Rickshaw Coolie: A People's History of Singapore, 1880-1940. NUS Press. pp. 14. ISBN 997169266X. 
  2. David Diefendorf (2007). Amazing . . . But False!: Hundreds of "Facts" You Thought Were True, But Aren't. Sterling Publishing Company. pp. 223. ISBN 1402737912. 
  3. 3,0 3,1 Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); De Mente p. 95 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  4. Leo Suryadinata (1992). Chinese Adaptation and Diversity: Essays on Society and Literature in Indonesia, Malaysia & Singapore. National University of Singapore. Centre for Advanced Studies. NUS Press. pp. 37. ISBN 9971691868. 
  5. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); Powerhouse диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  6. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); Lu p. 348 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  7. 7,0 7,1 Hanchao Lu (1999). Beyond the Neon Lights: Everyday Shanghai in the Early Twentieth Century. University of California Press. pp. 69. ISBN 0520215648.