Таһаҕасчыт диэн таһаҕаһы таһар уонна тиэйэр киһи. Таһаҕасчыт аан дойду биир былыргы уонна тарҕаммыт идэтэ буолар. Таһаҕасчыт үлэтэ араас таһымнаах. Үөрэҕэ суох таһаҕасчыттар таһаҕаһы бэйэ күүстэринэн (илиилэринэн көҕүстэринэн) таһаллар, бу "хара үлэ" буолар. Оттон таһаҕаһы тиэйэр көтөҕөр техникаҕа үлэлииргэ анал үөрэх ирдэнэр.

Гаити таһаҕасчыта
Атырдьахтаах тиэйээччигэ үлэлиир таһаҕасчыт

Порт таһаҕасчыта докер дэнэр. Былыргы Индия уонна Кытай таһаҕасчыттара кулилар.