Тимофеева Клара Николаевна

Тимофеева Клара Николаевна — Дьоруой ийэ.

1931 с. I Хаптаҕай нэһилиэгэр төрөөбүт. I Хаптаҕай оскуолатыгар 7 кылааһы бүтэрэн оҕуруот биригээдэтигэр үлэлээбит, үрдүк көрдөрүүлэрин иһин ВДНХ медалиһа буолбута.

1956—1985 сс. 26 сыл Ленин аатынан колхозка кэлин совхозка бастыҥ ыанньыксыт.

10 оҕо ийэтэ, 1974 сылтан Герой Ийэ үрдүк аатын сүгэр, сиэннэрдээх.