Торотоев Григорий Васильевич

Торотоев Григорий Васильевич — Бүлүү уокуругун куттал суох буолуутун кэмитиэтин чилиэнэ, Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата, Орто Бүлүү улууһун байыаннай хамыһаара, милииссийэ начаалынньыга.

1895 сыллаахха Орто Бүлүү Өргүөт нэһилиэгэр (билиҥҥинэн - Хампа) төрөөбүтэ. Хампа оскуолатыгар үөрэнэн, сахалыы, нууччалыы үчүгэйдик суруйара, ааҕара.

Үлэтэ-хамнаһа уларыт

1917 с. муус устар 10 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгэр Уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун кэмитиэтэ (Комитет Общественной безопасности) тэриллэр. Григорий Васильевич (оччолорго Иовлев диэн араспаанньалаах, сити сыл эһэтэ Торотой аатыттан таһааран, араспаанньатын Торотуойап диэн суруйар буолар) ол кэмитиэт састаабыгар киирэр. 1918 сылтан Бүлүүгэ сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа көхтөөхтүк кыттар. Өргүөт нэһилиэгэр оробуочай сойуус бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Улууска Совдеп чилиэнинэн талыллар. 1920 сылтан Орто Бүлүү улууһугар байыаннай хамыһаар (военком) буолар. Хампа нэһилиэгэр Сэбиэт ситэриилээх кэмитиэтин (исполком) сэкирэтээринэн үлэлиир. Онтон II Лүүчүн нэһилиэгэр Сэбиэт ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллар.

1925 с. нэһилиэк Сэбиэттэрин быыбарыгар, улуус Сэбиэтин сийиэһин ыытыыга икки нэһилиэккэ боломуочунайдыыр.

Сибиир лааҕырыттан (СИБЛАГ) босхолонон кэлэн баран, 1936 с. Уус Майа оройуонугар Усть-Миль сэлиэнньэтигэр үлэлиир. 1948 сылтан ыла Сангаарга шахтаҕа үлэлиир, таас чох тиэйиитигэр сылдьар. 1954 с. дьиэ кэргэнин кытта Таас Тумуска көһөн кэлэр. Онно геофизическай партияҕа оробуочайдыыр.

Үрүҥнэргэ уларыт

1922 с. паасха күн Г.В. Торотоевы үрүҥнэр тутан ылан хаайаллар, ытарга уураахтыыллар. Ону истэн, Хампа олохтоохторо туруорсан, боруукаҕа (көмүскэлгэ) ылаллар. Тыыннаах хаалларбыттарын суотугар Куонаан Никииппэрэп ыстаабыгар суруксутунан, ону сэргэ милииссийэ начаалынньыгынан аныыллар. Кини бэрээдэги көрөр кэмигэр Орто Бүлүүгэ туох да мөкү быһылаан тахсыбатах. 20 күн буолаат, үрүҥнэр этэрээттэрэ Бүлүү куоратыгар хотторон үрүө-тараа ыһыллаллар. Дьоппуон дойдутугар күрүүр былааннаах хамандыырдарын Куонаан Никииппэрэби аара суолларыгар Кэбээйи сиригэр дьаһайаллар. Г.В. Торотоев 1923 с. амнистияланан, дойдутугар хаалан, үлэ үөһүгэр түһэр.

Сойуолаһыы уларыт

1931 с. Өргүөт нэһилиэгин быыбардыыр хамыыһыйата ЯЦИК дьаһалыгар олоҕуран, дьадаҥылар, батараактар мунньахтарын уурааҕын ылыммакка туран, үрүҥнэргэ холбоһо сылдьыбыт диэн сылтаҕынан Торотоев Г.В. куоластыыр быраабын быһан кэбиһэр.

1931 с. «7 киһилээх кулаактар сэбилэниилээх бөлөхтөрө тутулунна» диэн иһитиннэрии хаһыакка тахсар. Г.В. Торотоев ити сымыйа буруйдааһыҥҥа күтүрэнэн (РСФСР ХК 58-10 ыст.), 1931 сыл алтынньы 22 күнүгэр тутуллан хаайыллар. 1932 сыл муус устар 3 күнүгэр ОГПУ кэллиэгийэтэ 3 сылга көҥүлүн быһарга уураахтаан, Сибиир лааҕырыгар (Новосибирскай к.) утаарар. Дьиэтин-уотун, баайын-дуолун туордаан ылаллар. 3 оҕолоох ойоҕо ыал устун барар.

Реабилитация уларыт

1993 сыл кулун тутар 22 күнүгэр Г.В. Торотоев үтүө аата чөлүгэр түспүтүн туһунан ыспыраапкаҕа СӨ борокуруора В.В. Колмогоров илии баттаабыта.

Сигэлэр уларыт

1. Дмитриев Н.С. История кырдьыгын омоон суолунан. - Дьокуускай, 2004. - С.87-95.

2. Книга памяти: книга-мемориал о реабилитированных жертвах политических репрессий 1920 -1950-х годов. - Якутск: Сахаполиграфиздат. Том 1. 2002 г. - 296 с.