Тукулаан - тыал көтүтэ турар, арыт мас үүнэн олохсуйбут субурҕа арҕас, чөмөх, эбэтэр томтор буола мунньуллубут, олор икки ардыларыгар иинэҕэс сэдэх, эриллэ хаппыт бэс, сэппэрээк уонна лабыкта үүнээйилээх кумах сис. Саха сирин Кэбээйи, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар баар.

Кэбээйи улууһугар баар тукулан

Тукулаан ойуура суох учаастактара 15 км усталаах буолуохтарын сөп.

Чинчийээччилэр Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүстэр былыргы үөстэрэ дииллэр, ол иһин өрүс кумаҕа мунньуллубут.

Т.к.: тука (эбээн.) — кумах; тукалан (эбэҥк.) — уу кумаҕы типпитэ; кумах үктэллээх дьара сир; тохала (нанай.) — сир, кырыс сир.

Ылыллыбыт сирэ уларыт

География Якутии: учеб. для 9-го Кл. сред. шк./ И.И. Жирков [и др.]. – Якутск: Бичик, 2004. -300, [1] с.: ил, карты; 20 см. ISBN 5-7696-1049-2