Хаартынан билгэлээһинбилгэлээһин тарҕаммыт көрүҥэ. Киһи бэйэтэ бэйэтигэр да, атын да киһи көмөтүнэн билгэлэтиэн сөп.

Хаартынан билгэлиир араас ньыма баар. Холобур, саамай судургута маннык. Киһи соҕотох олорон хаартыга баҕа санаатын этиэхтээх. Онто туоларын дуу, туолбатын дуу билиэн эбэтэр сарсын-өйүүн, уопсайынан, бу сылга туох күүтэрин быһа холоон сэрэбиэйдиэн сөп.

Маастар суолталара уларыт

Чиэрбэ (кыһыл сүрэх) — сүрүн суолтата: бэриниилээх буолууну, доҕордоһууну, тапталы, кырдьыгы, үтүөнү түстүүр.

Буугунай (сыттык) — баайы-дуолу, санаа туолуутун кэрэһилиир.

Туора (кириэс) — дьолу, эргиэҥҥэ-урбааҥҥа ситиһиини, уопсастыба олоҕор өрө тахсыыны бэлиэтиир.

Эбиэн (хара сүрэх) — сүрүннээн куһаҕаны, хараҥаны, сүтүгү, айдааны, соҕотохсуйууну, ыарыыны, албыны кэпсиир.


Хаарты хараҕынан суолтата уларыт

Чиэрбэ уларыт

Туус — тапталлааххыттан сонуну, суругу күүт (смс да буолуон сөп).
Тойон — эйиэхэ туох эрэ иэйиилээх, үчүгэй киһи.
Хотун — кийиит.
Кулут — үчүгэй ыалдьыт.
Уоннаах — тапталлааххыттан сонуну истиэҥ. Интэриэс.
Тоҕустаах — тапталга билинии.
Аҕыстаах — баҕа санаа туолуута.
Сэттэлээх — үөрүү-көтүү.
Алталаах — көр-нар аргыстаах суол.

Буугунай уларыт

Туус — сурук.
Тойон — эдэр киһи түһэ. Сатамньыта суох көссүү.
Хотун — эдэр кыыс, сэлээр-чэх майгылаах.
Кулут — харчы туһугар сүүрүү-көтүү, холтуура.
Уоннаах — бэлэх.
Тоҕустаах — моһол, мэһэй.
Аҕыстаах — абааһы көрүү.
Сэттэлээх — албын.
Алталаах — бэһиэлэй айан.

Туора уларыт

Туус — сымыйа сурах.
Тойон — кэргэннээх киһи. Эрэллээх доҕор.
Хотун — кэргэннээх дьах-тар. Истиҥ дьүөгэ.
Кулут — үлэҕз табыллыы.
Уоннаах — улахан харчы, нэһилиэстибэ, бэлэх.
Тоҕустаах — кыра харчы кэ-лиитэ.
Аҕыстаах — эрэнэ сылдьы-быт киһиҥ таҥнарыыта.
Сэттэлээх — билэр, элбэх киһи тоҕуоруһар сириттэн сонуну истиэҥ (дьиэ, оскуола, тэрилтэ, маҕаһыын, хаайыы, балыыһа).
Алталаах — туһата суох айан.

Эбиэн уларыт

Туус — хомолтолоох сурук, хомолтолоох сурах.
Тойон — өстөөх.
Хотун — эйиэхэ куһаҕаны саныыр, бэрт былдьаһар дьахтар, хобуоччу, хобу тарҕатааччы.
Кулут — бөрүкүтэ суох сурах тарҕаныыта, сылаалаах үлз, арыгы.
Уоннаах — ыарыы.
Тоҕустаах — доҕоргун сүтэрии.
Аҕыстаах — таҥнарыы, ха-рах уута.
Сэттэлээх — этиһии, бурайсыы.
Алталаах — уһун, сылаалаах айан.

Билгэлээһин биир көрүҥэ уларыт

Миигин туох күүтэрий? — бу олус судургу билгэлээһин. Хаартыны мэтэйдээн баран, хаҥас илиигинэн бэйэҥ диэки быһаҕын, быспыт хаартыгын хайаан да бэйэҥ сабаҕын. Хаартынан атын киһиэхэ билгэлэтэр буоллаххына, хаартыгын эмиэ бэйэҥ сабыахтааххын. Өскөтүн билгэлээччи (атын киһи) эн быспыт хаартыгын сабар буоллаҕына, «дьолгун уорар» дииллэр. Билгэлиир хаартыҥ ыраас хаарты буолуохтаах. Ол аата саҥа. Оонньоммут хаарты буоллаҕына 12-13 саастаах кыыс оҕо хаарты үрдүгэр биир мүнүүтэ кэриҥэ олоро түһүөхтээх.

Хаартыны икки эрээтинэн биири — үөһэ, биири аллара ууруллар. Ол аата, бастакы, үһүс, бэһис хаарты биир эрээккэ сытар буолуохтаахтар. Хаарты үөһээ уонна аллараа эрээккэ биир мааһынан түстэҕинэ, ону билгэттэн туоратан иһиллэр. Хаартыны ууран бүтүөххэр диэри хаалбыт «харахтар» эн ыйытыыгар эппиэттииллэр.

Туһаныллыбыт сирдэр уларыт

  • Светлана ТИМОФЕЕВА. «Кыым» хаһыат 3№ 2010 тохсунньу 28.

Өссө көр уларыт

Хаартылааһын