Хамыдал сайылык - Уус Алдан Курбуһах нэһилиэгин "Соҕуруу Оттоохой" уонна "Илин Сараах" аҕаларын уустарын саамай улахан киин сайылыктара этэ. Курбуһах нэһилиэгин үрдүнэн даҕаны биир биллэр, бөдөҥ сайылык эбит. Ол көстөр: икки Курбуһах нэһилиэгэ биир эрдэхтэринэ сайыҥҥы күөх кылааны үллэстэр нэһилиэк уопсай мунньаҕар киһи, тойон бөҕө мустан уонча хонукка мунньахтыыллара үһү. С