Эбилгэ дацаана «Хамбыын Сүмээ» (тиб. དགའ་ལྡན་བཀྲ་ཤིས་ཆོས་འཁོར་དགའ་ལྡན་བཀྲ་ཤིས་ཆོས་འཁོར་ Гандан Даши Чойнхорлин; бур. Түгэс Баясгалантай Үлзы Номой Хүрдын Хийд — «Дьолу аҕалар уонна үөрүүнэн туолбут үөрэх эргиирин уйата») — буддизм манастыыр-дацаана, Арассыыйа буддизмын Саҥхатын киинэ[1].

Устуоруйа уонна архитектура мэҥэтэ[2]. Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтигэр Эбилгэ оройуонун Үөһээ Эбилгэ диэн Улан-Удэттэн 36 килэмиэтирдээх сэлиэнньэҕэ баар.

Устуоруйата

уларыт

Буддизмы ССРС-ка 1930-с сылларга отой суох гыммыттара. Аҕа дойду Улуу сэриитин бүтүүтүгэр дойду үрдүнэн сыаркаптары, мэчиэттэри, дацааннары сөргүтүү саҕаламмыта.  Бүрээт-Монгол АССР-ын Совнаркома ыам ыйын 2 күнүгэр 1945 сыллаахха  тахсыбыт № 186-ж «Об открытии буддийского храма „Хамбинское Сумэ“ в улусе Средняя Иволга» уурааҕынан саҥа дацааны арыйарга көҥүл биэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэ буддиистара харчы уонна итэҕэл малын-салын хомуйан барбыттара. Хомуллубут харчыннан Ошор-Булаг диэн сиргэ мас дьиэ туппуттара, дуҕан[3] көрүҥүн биэрбиттэрэ. Сураҕы истэн итэҕэллээх дьон кэлэн тутууга көмөлөһөр буолбуттара.

Оннук 1945 сыл ахсынньы 12 күнүгэр  гэбшэ[4] Галсан Хайдуб диэн киһи салалтатынан бастакы аһаҕас «Сахюусан хурал» диэн сиэр-туом оҥоһуллубута. 1946 сыл олунньутугар саҥа дьыллааҕы сиэрдэр-туомнар  — «Сагаалганай хурал» — туох баар каноннары тутуһан ыытыллыбыттара. Бастакы Цогчен-дуҕан 1948 сыллаахха тутуллубута, кэлин иккис цогчен тутуллубутун кэннэ бу дьиэ бөлөһүөпүйэ факультетын Чойра-дуҕана буолбута.

1951 сыллаахха былаас дацааҥҥа сирин тыыран биэрбитэ. Ол кэннэ ламаалар олорор дьиэлэрэ, хаһаайыстыбаннай тутуулар баар буолбуттара. 1970-с сылларга манастыыр билигин баар үгүс дьиэтэ тутуллубута.  1970 сыллаахха иккис аҕыс эркиннээх Цогчен-дуҕан тутуллубута, 1976 сыллаахха үһүс собуор хыраама тутуллубута, ол кэлин Деважин Сумэ буолбута.

1991 сыллаахха дацаан иһинэн Дамба Даржа Заяев аатынан «Даши Чойнхорлин» Буддизм университета аһыллыбыта. Билигин онно сүүсчэкэ усутудьуон - хувараак - үөрэнэр. Университет 4 факультеттаах: бөлөһүөпүйэ, тантра, иконография уонна мэдиссиинэ.

2002 күһүнүгэр Эбилгэ дацааныгар Этигэлов Хамбо-ламааны аҕалбыттара. 2003 сыл тохсунньутугар кинини харайар хыраам тутуутун туһунан быһаарыныы ылыныллыбыта. Бу дьиэни Янганжин дацаанын билигин суох Дэважин-дуганын бырайыагынан туппуттара. Ол дьиэ бырайыагын Этигэлов бэйэтэ оҥорбут уонна дьиэтин 1906 сыллаахха туттарбыт эбит. Хыраам 2008 сыл алтынньы 31 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта.

Билигин дацааҥҥа күн аайы хурааллар ыытыллаллар, үөрэх көмүскээччилэригэр сахюусааннарга аналлаах сиэр-туом уонна атын сиэр-туом ыытыллар. Дацааҥҥа элбэх паломник уонна араас дойдуттан туриистар сылдьаллар.

Дацаан дуҕаннара

уларыт
  • Цогчен-дуҕан — сүрүн собуор-дуган (1976);
  • Чойра-дуҕан — Чойра бөлөһүөпүйэтин дуҕана — урут Цогчен-дуҕан буола сылдьыбыт дьиэ (1947—1948 сс.);
  • Дэважин-сумэ — Будда Амитабхаҕа аналлаах — иккис Цогчен-дуҕан, туойунан тутуллубут 8 эркиннээх икки мэндиэмэннээх дьиэ  (1970);
  •  Хамбо-ламаа Этигэлов дыбарыаһа — Этигэлов харайыллыбыт сирэ;
  • Күөх Тара Дуҕана (бур. Ногоон Дара Эхын сумэ) — дьахтар ботхисатватыгар Күөх Тараҕа аналлаах;
  • Жуд-дуҕан — тантра хыраама;
  • Маанин-дуҕан[5] — аһыныы бодхисатватын хыраама (Арьяа-Баалы);
  • Гунрик-дуҕан — Вайрочана буддатын хыраама
  • Майдарин-сумэ —  Майтрея буддатын мас дьоҕус хыраама (1970-с сс. тутуллубут);
  • Сахюусан-сумэ — мас дуҕан квадрат дьүһүннээх,  дхармапалааларга анаммыт — Үөрэҕи көмүскээччилэргэ (1986 с. тутуллубут);
  •  Бодхи ытык мас оранжереята.

Маны таһынан манастыыр сиригэр Хамбо-ламаа олорор дьиэтэ, бибилитиэкэ, «Даши Чойнхорлин» Буддизм университетын үөрэтэр дьиэлэрэ, сайыҥҥы гостиница, буддизм ускуустубатын түмэлэ, ытык субурганнар, араас тутуулар, таба иитэр вольер бааллар.

Дацааҥҥа ыалдьыты көрсөр киин баар, онно хурааллар хаһан буолалларын, ханна хонуохха сөбүн уонна да атыны билиэххэ сөп[6]. Дацаан хаҥас киирэр аанын аттыгар атыылыыр лааппылар бааллар, онтон буддизмҥа сыһыаннаах табаардары ылыахха сөп.

Манастыыр тас өттүгэр кыра стадион баар, онно бүрээттии күрэхтэһиилэр ыытыллар — тустуу, оҕунан ытыы. Дацаан илин өттүгэр ипподром баар.

Манастыыртан соҕуруу 5 килэмиэтирдээх сиргэ  Улан-Удэ — Кяхта А340 автомагистраль ааһар. Улаан-Үдэттэн оптуобустар Эбилгэҕэ (Иволгинскайга) диэри, онтон эмиэ оптуобустар сылдьаллар.

Галерея

уларыт

Быһаарыылар

уларыт
  1. Варнавский, 2011, с. 205
  2. Список памятников истории и архитектуры Иволгинского района Архыыптаммыт 2014, Муус устар 15 күнүгэр. Министерство культуры республики Бурятия
  3. бүрээттии дуҕн/дуҕын диэн ааҕыллар
  4. гэбшэ/гэбши - Тибиэт хотугулуу-илин өттүгэр сытар Амдо диэн сирин түөлбэтин тыла (тангыттар тыллара), Лхаса түөлбэтин тылыгар геше дииллэр.
  5. маани - (ма-ани диэн ааҕыллар) тибиэттии малыыппа
  6. Иволгинский дацан Архыыптаммыт 2011, Сэтинньи 8 күнүгэр.

Литэрэтиирэ

уларыт

Сигэлэр

уларыт