Эхирииттэр (бүр. эхирэдууд) — билигин Байкаал арҕаа өттүгэр олорор биис ууһа (этническая группа, племя),  бүрээт омугун сорҕото.

Аат туһунан уларыт

Эхирит — арҕаа бүрээт тылыгар баар эхир, «игирэ». Сорох нууччалыы суруйууларга икирес дэнэр. Бүрээттэр игирэлэри эхир хубууд дииллэр.

Устуоруйата уларыт

Эхирииттэр Өлүөнэ баһыгар уонна Куда (Худэ) өрүс орто тардыытыгар олорбуттара. Кэлин Байкаалга көспүттэр. Эхириит бииһигэр 8 уус киирэр этэ — абзай, баяндай, бура, олзойтон, һэнгэлдэр, шоно, нэхэлэй.

Аан бастаан биллэринэн эхирииттэр билиҥҥи Качуг, Баяндай уонна Эхирит-Булагаат оройуоннарын сирдэригэр Өлүөнэ (Зулхэ) үөһээ хочотунан, кини салааларынан (Анга, Манзурка, Куленга, Кудаа орто уонна үөһээ сүүрүгүнэн уонна Мурин үрэҕинэн баар куйаардарга (истиэптэргэ) олорбуттара. Кэлин, тэнийэн, уустар ыккардыларыгар иирсээн, эбэҥкилэри кытта булду былдьаһыы түмүгэр, ону таһынан кураантан сылтаан сүөһүлэрэ аһа суох хаалан эҥин билиҥҥи Ольхон уонна Баргузин оройуоннарын сирдэригэр уонна Сэлэҥэ үрэх дельтатыгар диэри тарҕаммыттара. Манна бастакы көһөөччүлэр эбэҥкилэри кытта сэриилэспиттэрэ.

Сэлэҥэ үрэххэ маннык уустар олохсубуттар: Хэнгэлдэр, Абазай, Баяндай, Балтай, Бахай, Буровский, Олзон, Хадалай, Шоно.

Ольхон арыыга – Баяндай, Хэнгэлдэр, Харбатов (Хэнгэлдэр сорҕолоро), Шоно.

Байкаал кытылыгар Бугульдейкаттан Онгуреҥҥа диэри уонна материк куйаардарыгар Хэнгэлдэр уонна Шоно сорҕолоро олорбуттара, Сарма үрэх төрдүгэр Баяндай ууһа олорбута.

Өлүөнэ хочотугар уонна уҥа салаата Ангаҕа маннык уустар олорбуттара: Баяндай, Басай, Хадалай, Хэнгэлдэр, Шоно. Өлүөнэҕэ шоно ууһа Тутура уонна Уус-Кут сирдэригэр диэри олороллоро. Куленга диэн Өлүөнэ хаҥас салаатын баһыгар уонна төрдүгэр Олзон уус олохсуан олорбута. Манзурка үрэх хочотугар Абазай, Балтай, Шоно уонна Хэнгэлдэр уустар бааллара.

Кудаа үрэх ортотугар уонна баһыгар Абаганат, Абазай, Буровский, Олзон, Тогто, Хадалай, Хэнгэлдэр уустар олороллор.

Мурин үрэххэ – Абазай, Баяндай, Басаев, Олзон.

Мурин уонна Манзурка ыккардыларыгар – Абазай, Баяндай, Буровский, Хадалай, Хамнагадай, Хэнгэлдэр.

Эхирииттэр сорох уустарын сорҕолоро Бохаан оройуонун Идаа үрэҕэр – Шоно уус; Оса өрүс хочотугар (Осинский оройуон) – Буров, Хамнагадай, Хэнгэлдэр; Зима үрэххэ өссө XVI үйэҕэ Ашабагат ууһуттан көспүттэр курдук, билиҥҥи Зима куораттан Барлук сэлиэнньэҕэ диэри.

Аныгыта уларыт

Эхириит уустара Иркутскай уобалас  Эхирит-Булагат, Баяндай, Бохан, Охан, Ольхон уонна Качуг оройуоннарыгар тарҕанан, түөлбэлээн олороллор.

Эхирииттэр сыдьааннара Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтигэр Сэлэнгэ, Кабан уонна Усть-Баргузин оройоуннарыгар (аймактарыгар) эмиэ бааллар.

Литэрэтиирэ уларыт

  • Балдаев С. П. Родословные предания и легенды бурят. Ч.1. булагаты и эхириты. — Улан-Удэ, 1970.- 362 с.

Быһаарыылар уларыт

Сигэлэр уларыт