Үөскээһин битигэ (ивр. בְּרֵאשִׁית‎; гир. Γένεσις) диэн Танах уонна христиан Эргэ Ыйааҕын бастакы битигэ. Аан-дойду айааһынын, дьон-аймах эрдэтээҥҥи кэмин, Ыһыраайыл уонна дьэбэриэй дьоно өбүгэлэрин туһунан кэпсиир. Битик 50 бастаах уонна 1533 хоһоонноох.

Үөскээһин битигэ икки сороххо арахсар - бастааҥҥы история (1-11 бастар) уонна өбүгэ историята (12-50 бастар). Бастааҥҥы история Таҥара кимэ уонна дьон кинилиин сыһыана быһаарыллар. Таҥара үтүөнү гынан дьону айар. Онуоха дьон аньыыны оҥорбуттарын иһин Таҥара дьону эһэргэ сананар. Кырдьыксыт Нойу уонна кини дьиэ кэргэнин эрэ тыыппат. Онон Ной дьон-аймах ууһун салгыыр. Өбүгэ историята Таҥаранан талыллыбыт дьэбэриэй дьонун эрдэтээҥҥи кэмнэрин туһунан кэпсиир. Ной сыдьаана Абыраам төрөөбүт орунуттан (Ур хото) Таҥаранан бэриллибит Ханаан сиригэр тиийэн олохсуйар. Абыраам уола Ысхаак, сиэнэ Дьаакып. Дьаакып кэлин "Ыһыраайыл" диэн ааттанар. Кини биир уола Дьуоһуп дьэбэриэйдэри Египекка ыҥырар. Таҥара кинилэргэ улуу кэскили мэктиэлиир.