USA Today («Ю-эс-э́й-түдэй» диэн ааҕыллар, сах. «АХШ бүгүн») — бүтүн дойдуга тарҕанар күн аайы тахсар АХШ хаһыаттарыттан бастакылара, күн аайы 2 мөлүйүөнтэн тахса тирааһынан тахсар.

«USA Today» эрэдээксийэтин дьиэтэ.

Эл Ньюхарт диэн урбаанньыт Вашингтоҥҥа олохтообута. Бастакы нүөмэрэ 1982 сыллаахха балаҕан ыйын 15 күнүгэр тахсыбыта. «USA Today» тахсыан иннинэ АХШ-ка хас биирдии бөдөҥ куоракка бэйэтин хаһыата сабардыыр этэ. Ньюхарт бэйэтин хаһыатыгар нация бииргэ буолуутун өрө туппута. Эрэдээксийэ колонкатын тэҥэ утары санааны этэр дьон колонкалара баара.

«The Wall Street Journal» уонна «The New York Times» курдук дьыалабыай хаһыаттар истииллэриттэн атыннык өҥнөөх ойуулаах, бөдөҥ диаграммалардаах тахсар буолбута, биллэр дьон, спортсменнар олохторун киэҥник сырдатар этэ. Социология ыйытыктарыгар болҕомтотун уурбута.

Сигэлэр уларыт