Австралия туруйата (нууч. Австралийский журавль, лат. Antigone rubicunda) — Саха сиригэр сэдэхтик киирэр көтөр, туруйатыҥылар аймахтарыгар киирэр.

Түүтэ сиэрэйдиҥи маҥан. Кэтэҕэ, кулгааҕын сабар куорсуннара кыһыллыҥы-оранж өҥнөөхтөр. Тумса саһархай, атаҕа хара. Үрдүгэ 1,6 м курдук. Атыырын ыйааһына 4,8-8,7 кг, тыһыта - 3,6-7,3. МГУ Зоологическай түмэлигэр Саха сиригэр XIX үйэҕэ бултаммыт туруйа баар[1].

Быһаарыылар уларыт

  1. Саха сирин энциклопедическэй тылдьыта. — СӨ Билимин акадьыамыйата, ISBN 978-5-02-038710-0, 2018, Новосибирскэй, Наука, С.520 — 16 с.