Ат сүүрдүүтэ - саха оҕолоро сайын оонньуур оонньуулара.

Хас биирдии оонньооччу икки 60-ча см уһуннаах бөкүнүк мастаах буолар. Биир маһын 5 м кэриҥэ ыраахха туора ууран баран иккис маһын төбөтүттэн таҥнары тутан туран биэтэҥнэтэр уонна сытар маһыгар быраҕар. Таптаҕына, сытар мас тэйэн иннин диэки сыҕарыйар. Оҕолор итинник хардарыта быраҕаллар, ким маһа биэтэккэ эрдэ тиийбит ол кыайар[1]

Быһаарыылар уларыт

  1. Саха төрүт оонньуулара, А.С. Федоров, 2011, Бичик, Дьокуускай