Аҥхайхайа барыы, кырыс хайдыбыта, муустаах сир хайа барыыта, онтон да атын устаты барбыт көрүҥнээх сир ньуурун алдьаныыта (үксүгэр уу суурайан кэҥээбит буолуон сөп).

Тэҥнээ: ангар, ангара (түүр., монг.) — хайаҕас, хайдыы, хапчаан, хочо; ангкай (кирг.) — киэҥник хайдыы, дьиэллэҕэс; ангай, ангархай, ангара (бур.) — аһаҕас, дьаллайбыт хапчаан, хайа суурайыы; санган, сангар, (х)ангар (эбээн.) — хайдыы, оҥхой, дьөллүү; анга (эбэҥк.) — айаҕы атыы, хараҕы көрөн кэлии.

Ылыллыбыт сирэ уларыт

География Якутии: учеб. для 9-го Кл. сред. шк./ И.И. Жирков [и др.]. – Якутск: Бичик, 2004. -300, [1] с.: ил, карты; 20 см. ISBN 5-7696-1049-2