Джон Бёрд (ааҥл. John Bird; төр. тохсунньу 30 күнэ 1946 сыл, Ноттинг-Хилл, Лондон, Улуу Британия) — британия түмэт урбаанньыта и менеджерэ, The Big Issue уулусса хаһыатын тэрийээччитэ уонна главнай эрэдээктэрэ.

Джон Бёрд
ааҥл. John Bird
Үлэтэ:

түмэт урбаанньыт уонна менеджер

Төрөөбүт күнэ:

30 тохсунньу 1946({{padleft:1946|4|0}}-{{padleft:1|2|0}}-{{padleft:30|2|0}}) (78 саастаах)

Төрөөбүт сирэ:

Лондон

Дойдута:

Холбоhуктаах Хоруоллук

Биографията уларыт

Джон Бёрд родился 1946 сыллаахха тохсунньу 30 күнүгэр Лондон Ноттинг-Хилл оройуонугар Улуу Британияҕа дьадаҥы ирлаанд дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ[1]. Алта уолтан үһүс уол оҕо эбит[2].

Биэс сааһыттан, төрөппүттэрэ дьиэлэрин арендатын төлүүр кыахтара суох буолан, бырадьаагалаабыт[2] уонна сэттэ сааһыттан уонугар дылы оҕо дьиэтигэр олорбута[1].

Эрдэҕэс сааһыгар олорбут, уоруунан дьарыктанан хаайыыга түбэспит[1][2].

Хаайыыттан тахсан уулуссаҕа олорбут уонна сүүрбэ сааһыгар эмиэ хаайыыга киирбит[1].

Полиция сойуолааһыныттан Парижка (Франция) куотан, «Оробуочай өрөбөлүүссүйэ баартыйатыгар» киирэн «өрөбөлүүссүйэ охсуһуутугар» кыттыспыт[2].

1970 сыллаахха бэлиитикэни бырахпыт уонна кыра биизинэһинэн дьарыктаммыт[1].

1991 сыллаахха Анита Роддик кытта 50 000 АХШ дуоллардаах, Body Shop ситиһиилээх биизинэһиттэн тахсыбыт харчынан, The Big Issue[3][2], 1995 сыллаахха, дьиэтэ суох дьоҥҥо көмөлөһөр соруктаах[4], The Big Issue Foundation пуонданы тэрийбит.

The Big Issue Invest ситиһиитэ Джон Бёрдка хас да наҕарааданы аҕалбыт: 1995 сыл бэс ыйыгар Британия импиэрийэтин уордьанын чилиэнэ буолбута, 1996 сыл ыам ыйыгар ООН «Бастыҥ праактиката» бириэмийэ шорт-лииһигэр киллэриллибитэ, 2004 сыл алтынньыга UN-Habitat Scroll of Honour Award бириэмийэни ылбыта, 2004 сыл сэтинньигэ BBC «Лондон легендата» аата бэриллибитэ, 2006 сыллаахха The Beacon Fellowship бириэмийэ ылбыта[5].

2007 сыллаахха Бёрд Лондон мээригэр талыллаары хандьытаат быһыытынан туран, бэйэтин манифеһын билиһиннэрбитэ[6], ол эрэн хойут санаатын уларытан аккаастаммыта[7].

2008 сыл алтынньыга Ernst & Young Джон Бёрды «Сыл түмэт урбаанньытынан» ааттаабыта[8][9].

2009 сылтан Бёрд The Big Issue Invest диэн бэйэтин инвестициялыыр пуондатын, түмэт урбааҥҥа көмө быһыытынан, үлэлэппитэ

2013 сылтан Plymouth University бочуоттаах дуоктара.

Быһаарыылар уларыт

  1. 1,0 1,1 1,2 1,3 1,4 John Bird(ааҥл.). National Literacy Trust (2007). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 2,4 Nick Davies. The big thing about the Big Issue(ааҥл.) (Халыып:TranslateDate/en). — The Guardian. Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  3. Boukhari, Sophie. The Press Takes to the Street(ааҥл.). UNESCO Courier (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  4. 1049077 - THE BIG ISSUE FOUNDATION(ааҥл.). Charity Commission. Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  5. Beacon Fellows(ааҥл.). beaconawards.org.uk. Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  6. Big Issue owner unveils manifesto(ааҥл.). BBC (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  7. Big Issue founder targets poverty(ааҥл.). BBC (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 6 Ыам ыйын 2015.
  8. Ernst&Young Entrepreneur 2008 award recipients Архыыптаммыт 2015, Балаҕан ыйын 24 күнүгэр.
  9. Richard Harpin, CEO of Homeserve Plc, is Ernst & Young ‘UK Overall Entrepreneur Of The Year 2008’

Сигэлэр уларыт