Куобах чочунааҕа (лат. Marasmius scorodonios (Fr.) Fr., нууч. Чесночник) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.

Үүнэр сирдэрэ: Элбэх түспүт хаппыт сэбирдэхтээх сирдэргэ элбэхтик көстөр, бэс хаппыт мутуктарыгар, инньэтигэр эмиэ үүнэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын уларыт

Сэлээппэтэ: Көппөҕөр, ситтэҕинэ хаптайар. иаметра 1-3 см. Сырдык саһархай. Кураанах ньуурдаах, тиэрбэс ойуулардаах.
Таҥалайдаах араҥата: Үрүҥ өҥнөөх.
Этэ: Буурайдыҥы, кытаанах, аһыы чеснок сыттаах.
Атаҕа: Синньигэс, кыһыллыҥы буурай, килбэчигэс.[1].

Туттуллуута уларыт

От ыйаатырдьах ыйа. Төрдүс категорияҕа сыһыараллар. Ыһаарылыыллар, ол эрэн аска тума быһыытынан туттар ордук.

Өссө маны көр уларыт

Быһаарыылар уларыт

  1. Грибы Якутии. Г. С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009 ISBN 987-5-7696-3120