Миллиардер — аан дойду саамай баай дьонуттан биирдэстэрэ. Баайын-дуолун уопсай кээмэйэ АХШ 1 миллиард дуолларыттан ордук сыаналаах буоллаҕына маннык ааттанар. Бастакы миллиардерынан АХШ Стандарт Ойл хампаанньатын төрүттээччи Джон Рокфеллер балаҕан ыйын 29 күнүгэр 1916 сыллаахха буолбута.

Билигин аан дойду саамай баай уон дьонун тиһигэр киирэллэр: Карлос Слим Элу — Мексика; Билл Гейтс — АХШ; Амансио Ортега — Испания; Уоррен Баффет — АХШ; Лоуренс Элисон — АХШ; Чарльз Кох — АХШ; Дэвид Кох — АХШ; Ли Кашин — Гонконг; Лилиан Беттанкур — Франция; Бернар Арно — Франция.

Быһаарыылар уларыт